Дьиэни тутуу эридьиэстэрэ

Share

Бу кэлиҥҥи сылларга кэтэх дьиэни тутууга чэпчэтиилээх ипотека киирэн, Туймаада хочото биирдэ мас тутуунан дьэргэс гына түстэ.  

Онно быһаччы кыттыы­лаах тутуу биригэдьиирэ Павел Иванович Попову көрсөн, тутуу туһунан кэпсэттибит.

Павел Иванович этэринэн, Туймаадаҕа кэтэх дьиэни маассабай тутуу  “Сатал” тутуллуон инниттэн саҕаламмыт. Ол аата, быһа холуйан, 2008-2010 сыллар диэки буолуо диэн быһаардыбыт. “Ол иннинэ аҕыйах этэ, бэйэбит көрдөөн булар этибит” диир. Быйыл “Тускулга” уонча биригээдэ тэҥинэн үлэлээбиттэрин аахтахха, баһаам сыыппара тахсар. Бу 6х8-­таах дьиэни бүтэрэн эрэллэр, бу кэнниттэн Саҥа дьылга диэри өссө биир улахан эбийиэккэ барыахтаахтар. Оттон тохсунньуну аһаран баран, олунньу бүтүүтэ-кулун тутартан ылсар былааннаахтар. Итинник биир биригээдэ сыл устата биэс­тии-алталыы дьиэни тутар.

Эһиил тутуу сүрүннээн ханна барыай диэн ыйыппыппын, элбэх оҕолоох ыалларга анаан, Бүлүү тыраагар сир бэлэмнии сылдьаллар, эһиил тутуу онно  саҕаланар үһү диэтэ.

Кыһыннары дьиэни тутуу

Кыһынын киһи дьиэ­ни тутара буолуо диэн өйбүтүгэр батарбат этибит. Онон тутуу тохтообокко барарын эт харахпытынан көрөн, дьэ итэҕэйдибит. Сорохтор кыһыҥҥы тутууга мас хайдыбат эҥин дииллэр, ол төһө оруннааҕын Павел Ивановичтан ыйытабын.

– Маһыттан тутулук­таах. Сорох сибиэһэй мас тоҥ буолар, ириэнэх маһынан тутар үчүгэй. Кыһын куһаҕана диэн, сырдык кэмиҥ аҕыйах. Аны таҥастаах, үтүлүктээх сылдьаҕын, онон бытаараҕын. Холобур, бу маннык 6х8 дьиэни сайыҥҥы кэмҥэ уон икки күнүнэн бүтэрэҕин. Биллэн турар, кыһынын тутар туох да үчүгэйэ суох эрээри, дьиэҥ маһа ыраастык тахсар. Сайын ардах кэмигэр туттахха харааран, киртийэн хаалыан сөп.

Хайдах дьиэни ордорор буоллулар?

Кэтэх дьиэлэр тутулла турар кыбартаалларын көрөр билигин олус астык. Бииртэн биир үчүгэй дьиэ дьэндэйэн турар буолар. Ол гынан баран, бу сылдьар сирбитигэр биир этээстээх дьиэ элбэҕэ харахха быраҕыллар.

Дьиэ ортотуттан веранда курдук иһиттэн тахсыыны оҥостор буолбуттар. Уопуттаах тутааччы оннук моһуоннаах дьиэни соччо ахсарбатын биллэрдэ:

– Дьиэ хас муннуктаах да, онон тымныйар. Оҥорорго да уустук, ороскуотуҥ да элбиир.

– Оттон истиэнэни биир гына килэччи тутуллар панорамнай түннүктэр хайдахтарый?

– Аныгы түннүктэр үчүгэйдэр. Ыпсыыта үчүгэйдик оҥоһуллубут буоллаҕына, тоҕо тымныйыай?

Бетон акылаат

Баантан кирэдьиит ылан туттар буоллуҥ да, хайаан да бетон фундаменнаах буолара ирдэнэр. Павел Иванович маннык акылааты уустук технологияны тутуһан оҥоруохтааххын, ол гынан баран, ону тутуһааччы аҕыйах диир:

– Бу маннык акылаат 6х8 дьоҕус мас дьиэҕэ барсар, дьиэҥ хамсаабат. Оттон сорохтор маннык фундамеҥҥа таас дьиэни тутан таһаараллар, дьэ ол кэлин боппуруостаах буо­­луон сөп”.

Биир билэр дьонум маннык фундамеҥҥа аллараа өттө таас, үөһээ этээһэ мас дьиэни туттарбыттара. Аҕыйах сыл буолан баран, фундамена хайдан киирэн барбыт. Дьэ санаан көр, оччотугар икки этээһи барытын көтүрэргэр тиийэҕин дуо.

Павел Иванович кэлиҥҥи сылларга икки этээстээх дьиэ­ни наһаа тута сатаабат буол­буттарын бэлиэтиир. Ону мин “сыана ыараан, ипотеканан ылар харчыларыгар биирдии этээстээх тахсыһара буолуо” диибин.

– Быйыл ордук аҕыйаабытын бэлиэтии көрдүбүт. Сайын устатыгар 9х11 икки этээстээх улахан дьиэни биири эрэ туттубут. Бастакы этээһин үрдүгэ үс миэтэрэ, иккис этээһин үрдүгэ эмиэ үс миэтэрэ. Аны истиэ­нэтэ барыта панорамнай түннүк. “Наар кыра дьиэҕэ олорон сөп буоллубут, онон маннык улахан дьиэҕэ баҕарабыт”, – диэн эдэр ыаллар туттардылар. Онно холоотоххо, икки сыл­­лааҕыта бары үтүктүһэ-үтүктүһэ икки этээстээх дьиэлэри туттараллара. Ол гынан баран, дьон улаханнык иккис этээс­тэригэр да, балконнарыгар да сылдьыбаттар.

Атын эрэгийиэннэргэ икки этээстээх дьиэ биир эмит баар буолар, наар биирдии этээс­тээҕи туттараллар. Холобур, Иркутскай уобаласка биир табаарыстаах этим, манна кэлэн үлэлээҥ диэччи. Онно биһиги курдук буруустаабаттар, ханапаакылаабаттар, маһы маска ууран баран, таһынан бүрүйэн кэбиһэллэр.

Мас сыаната

– Дьиэ маһа барыта Иркутскай уобалас диэкиттэн кэлэр, – диир Павел Иванович. – Маннааҕы мас наһаа сыаналаах уонна хаачыстыбата эппиэттээбэт. Билигин сыаната аһара үрдүү илик, былырыыҥҥы сыанатыттан кыратык үрдээтэ. Биир кууба 28 тыһ. солк., онно алта устуука буруус киирэр.

Сыанатын ыарырҕаппыт киһи көҥүл ылан, мас кэрдинэн туттуон сөп буоллаҕа дии, диэн куолулуубун. Тутааччы оннук баҕа санаабын начаас тохтотто:

– Чугаһынан дьиэҕэ сөптөөх мас хаалбата, мас кэрдэр сиргэр диэри балар-кэлэр, кэрдэр-таһар тиэхиньикэҥ, бэн­сиин сыаната, дьону көрдөһүүҥ. Ол кэриэтин харчытын кыанар буоллахха, бэлэм бурууһу ылбыт ордук.

Уотунан сылытынар ордук дуу, гааһынан дуу?

Тутааччы биир-биэс тыла суох гаас ордугун бэлиэ­тиир. Билэр дьоно гаас холбоммот кыһыл зонатыгар түбэһэн хаалан, 6х6 дьиэҕэ обогревателинэн олорбуттар. Инньэ гынан былырыын ый ахсын 25 тыһ. солк. төлөөбүттэр. Быйыл уотунан барар оһоҕу туруортарбыттар да, син биир төлөбүрэ оннук тахсыһар дииллэр үһү.

Оттон маһынан отуннахха хайдаҕый диэҥҥэ, орос­куота син биир, кыһын син биир хаста да атыылаһыаҥ диир.

Саҥа матырыйаал

Тутууга 5-6 сыллааҕыта сип-панель (ОСП) кэлэн, сонун хамсааһыны таһаарбыт. Бастаан кэлэригэр сыаната фанератааҕар ыарахан эбит, билигин чэпчээн, 1 лииһэ 1000 солк. буолбут. Сип-панелынан кыһыны туорууллар дуо диэн ыйытабын.

– Быыһа аҕыйах буолан, мас дьиэтээҕэр сылаас, ханапаакы эҥин наадата суох. 6х8 дьиэни сип-панелынан туттахха, сыаната буруустааҕар икки төгүл чэпчэки тахсар. 6х8 дьиэ бурууһун сыаната, араа­һа, 800 тыһ. солк. буолбута буолуо. Сахсайбатын диэн таһынан обшивкалыыллар эбэтэр кыраас­калыыллар.

Биригээдэ

Билигин дьиэни тутуу балачча чэпчээбит диэн көрөбүт. Бу сайын аттынааҕы учаастакка бэрт улахан дьиэни икки-үс киһи начаас тутан бүтэрбиттэрэ. Бурууһу үөһэ таһааралларыгар кыраанынан көтөхтөрөллөр эбит.

– Биригээдэҕэ  түөрт киһи үлэлиирэ ордук, – диир Павел Иванович. – Кырааннаах буолан таһаарарга чэпчээтэ. Устуруустуур ыарахан, онон төһө улахан эбийиэгиттэн көрөн, 3-5 киһи тутар. Түөртэн элбээтиҥ да, үллэс­тиигэр харчыҥ аҕыйаан тахсар. Сөп суумаҕа бэһиэ буолуох­ха сөп. Дьиҥэр, тутуу улахан барыһа суох, аһылыккын бэйэҥ хааччынаҕын. Саамай элбэх ороскуот  үстүрүмүөҥҥэ барар, итинтиҥ алдьанар, мантыҥ алдьанар.

Билигин бу идэбэр уолаттарбын үөрэтэ сылдьабын, эһиил­гиттэн бэйэлэрэ үлэлиэхтэрэ. Мин быйылгынан тохтуур былааннаахпын.

«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай быра­йыак «Олорор дьиэ» эрэгийиэннээҕи бырагыраама чэрчитинэн, 2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэни киллэрии былаана 690 тыһ. кв. м, ол иһигэр 315 тыһ. — элбэх кыбартыыра­лаах олорор дьиэлэргэ, кэтэх дьиэлэргэ – 375 тыһ. кв. м быһыллыбыт. Статистика көрдөрөрүнэн, сэтинньи 1 күнүн туругунан 610,4 тыһ. кв. м олорор дьиэ үлэҕэ киирбит. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ – 202,3 тыһ. кв. м. Кэтэх дьиэлэргэ — 408,1 тыһ. кв. м. Барыллаан көрүүнэн, 2024 сылга 736 тыһ. кв. м олорор дьиэ киирэрэ былааннанар, ол онтон кэтэх дьиэтэ – 420,9 тыһ. кв. м ылар.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Минтай балык быарын кэнсиэрбэтигэр чиэрбэ булбуттар

Минтай балык быарын кэнсиэрбэтигэр «Пятерочка» уонна «Дикси» атыы-эргиэн маҕаһыыннарыгар чиэрбэлэри булбуттар. Уопсастыбаннай потребительскай көҕүлээһин салайааччыта…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн Сордоҥнооҕун олохтоохторо эһиил Улуу Кыайыы искибиэрин саҥардыахтара

Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр кэлиҥҥи сылларга бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматын чэрчитинэн үгүс тутуу барда,…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Бөкөҕө “Союз” кэпэрэтиип дьон сүөһүтүн көрөр

Кистэл буолбатах, үгүс тыа сиригэр аҕам саастаахтар сүөһүнү кыайан салгыы көрөр кыаҕа суохтарыттан, оттон эдэрдэр …

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга саҥа 12 №-дээх оптуобус маршрута үлэлиэҕэ

Сэтинньи 18 күнүттэн Дьокуускай куоракка саҥа 12 №-дээх оптуобус маршрута баар буолуоҕа, диэн Дьокуускай куорат…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сарсын -44С кыраадыска диэри тымныйара сылыктанар

Бэнидиэнньиккэ, сэтинньи 18 күнүгэр, Дьокуускайга  -31...-33 кыраадыска диэри тымныйыа. Күнүс синоптиктар  -25... -27 С кыраадыска…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр соҕотох Хомсомуол түмэлэ

Быйыл хомсомуол 106 сааһын бэлиэтээтибит. Бу күн, кэнники сылларга үүнэр көлүөнэ ыччаты төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

1 час ago