Салгыы
  “Дьиэрэй ырыам” кэнсиэр үгүс дьону муста

  “Дьиэрэй ырыам” кэнсиэр үгүс дьону муста

15.11.2024, 18:30
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра сэтинньи 14 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй  аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр  ырыаһыт, норуоттар икки ардыларынааҕы ырыа күрэҕин дипломана, Саха Өрөспүүбүлүкэтин фольклорун көрүҥнэрин күрэхтэрин кыайыылааҕа Александр Карманов тыйаатыр саха үнүстүрүмүөннэрин доҕуһуолунан “Дьиэрэй ырыам” сольнай кэнсиэрин  улахан сыанаҕа айар үлэтэ 5 сылыгар анаан көрөөччүлэргэ бэлэх уунна.

Бэрт сэргэх, сырдык, тэтимнээх, тыыннаах доҕуһуолунан салайтарбыт кэнсиэр, биир тыынынан буолан ааста диэн дьон-сэргэ санаатын үллэһиннэ. Кэнсиэр кэнниттэн көрөөччүлэр ыксаабакка, тиэтэйбэккэ хомуннулар, онон мин хас да киһини кытары сэһэргэһиини ситистим.

Агафия Сосина –  уһуйаан  иитээччитэ:

“Дьэ, бэртээхэй кэнсиэркэ сырыттым. Ырыаһыт Александр Карманов кыахтаах ыччат эбит. Олус үчүгэйдик репертуарын талбыттар. Талба талааннаах – ырыаһыт, хомусчут, чабырҕахсыт, тойуксут, оһуокай таһаарааччы. Биир киһи норуот фольклорын көрүҥнэрин барытын баһылаабыта, этигэр-хааныгар иҥэринэн илдьэ сылдьара сэдэх буолааччы. Биир бэйэм Аммаҕа төрөөбүт буоламмын,  Валерий Ноев ырыаларын сөбүлээн иһиттим уонна Александрга тэтимнээх ырыа наһаа барсар  диэн сыаналаатым. Баҕарыам этэ: Александрга бу тэтимин ыһыктыбакка өссө күүскэ иннин диэки хардыылары оҥоро турарыгар”.

Клара Ефграфова – биэнсийэлээх:

“Мин урут бэйэм эдэр сылдьан дойдубар кулуупка хорга уонна бөлөҕүнэн куруутун ыллыыр этим. Инньэ гынан,  соло буоллум да  наар ырыа истэбин, ыллыыбын, ырыаһыттары кэтээн көрөбүн. Бэйэм сөбүлүүр ырыаһыттардаахпын – Далаана, Сиэйэ Уола, олохтон туораабыт Василий Еремеев уо.д.а. Саха киһитэ буоларым быһыытынан,  төрүт култуура көрүҥнэрин тойугу, норуот ырыаларын сөбүлүүбүн. Инньэ гынан,  Марк Жирков аатынан муусука кэллиэһин устудьуоннара толорбут чабырҕахтарын, саха ырыаларын, хомуска дьүһүйүүнү олус сөбүлээтим. Ону тэҥэ ити кэллиэс уһуйааччылара “Киэһээҥҥи ырыа” диэн нүөмэрдэрэ дууһабын таарыйда. Билиҥҥи кэмҥэ маннык сахалыы тыыннаах эдэр киһи, ийэ тылын илдьэ сылдьар ыччат баара миигин наһаа үөртэ”.

София Петрова – алын кылаас уһуйааччыта:

“Александр Карманов репертуара бука барыта биллэр мелодистар ырыалара эбит. Урут ити ырыалары эмиэ биллиилээх артыыстар, ырыаһыттар толороллорун истээччибин. Ол гынан баран,  кини ити ырыалары саха аркыастырын  доҕуһуолунан толорбута наһаа кэрэхсэбиллээх. Отой атыннык ылынным. Бэйэтэ эдэрэ, эрчимнээҕэ, харахтара уоттааҕа, туттара-хаптара чэпчэкитэ, бэлэмнэммитэ, сүүрбүтэ-көппүтэ, долгуйбута  наһаа көстөр. Көрөөччүлэр тэҥҥэ ыллаһа олордулар. “Чороон” бөлөх солиһа Владимир Мохначевскай толорор “Оҕо санаам оонньуута” диэн ырыа кэмигэр көрөөччүлэр ойон туран үҥкүүлээн-битиилээн бардылар. Александр бүтэһик эстраднай блок ырыаларыгар сүрдээхтик хамсаннылар, үөрдүлэр-көттүлэр. Ырыаһыты кытары биир долгуҥҥа баар буола түстүлэр. Биир бэйэм наһаа үрдүк таһымнаах кэнсиэркэ сырыттым диэн наһаа дьоллоннум”.

Екатерина Скрябина:

“Мин дьүөгэлэрбин кытары сырыттым. Александр Карманов ыллыырын биирдэ да истэ илик этим. Кэнсиэр бастакы чааһын фольклор көрүҥнэрин чугастык ылынным. Наһаа эдэркээн устудьуоннар этэн-тыынан, ыллаан-туойан, оһуокайдаан-эһиэкэйдээн, чабырҕахтаан, хомуска дорҕооннору таһааран кэнсиэри олус киэргэттилэр. Ону тэҥэ классика буолбут саха ырыалара кини куолаһыгар барсаллар эбит. Дирижер Анюта Иванова саха аркыастырын салайда. Билигин ырыаһыттар бары да кэриэтэ фонограмманан ыллыыллар. Онтон бу Александр аркыастырдаах кэлэктиипкэ үлэлиирэ олус табыгастаах эбит. Тыыннаах муусука, тыыннаах доҕуһуол, тыыннаах дорҕоон. Уол оҕото тас көрүҥэ, туттара-хаптара, эмиэ барыта бэйэтин уобараһыгар барсар. Хаста да таҥаһын уларытта. Кэнсиэр фольклор көрүҥнэринэн саҕаланан баран,  эстрада ырыаларынан түмүктэннэ. Александр Кармановка өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын”.

Иннокентий Иванов:

“Мин толоруллубут ырыалары сөбүлээтим. Видоеконтеҥҥа худуоһунньук Туйара Шапошникова үлэлэрин туһаммыттара наһаа киэргэттэ. Ыытааччы Артур Семенов-Тоҥ Саха бэйэтэ эмиэ хомуска да оонньоото, ыллаата даҕаны. Дэгиттэр талаан. Режиссура уонна сценарий өттө эмиэ барыта орун-орун курдук сөп түбэспит. Инньэ гынан, кэнсиэр ис хоһооно уонна тас оҥоһуута барыта биир халыыпка киирэннэр, барыта табыллыбыт.  Саша Карманов бу кэнсиэрин кытары (икки дойдулаах киһи)  суол турдаҕына,  Амма, Алдан улууһунан саха аркыастырын кытары гостуруолга турунуо эбит диэн сабаҕалаатым”.

Дьэ, ити курдук ырыаһыт Александр Карманов “Дьиэрэй ырыам” сольнай кэнсиэрэ өрө көтөҕүллэн, үрүк таһымнаахтык буолан ааста. Кинини тыйаатыр салайааччылара, биир дойдулаахтара, аймах билэ дьоно чистээтилэр, уруйдаатылар-айхаллаатылар. Мин эмиэ кинини эҕэрдэлээн туран,  инникитин  алгыстаах айар талаана аартыга арыллыннын, иэйэхситэ энэрдэстин, айыыһыта арчылаатын диэн алгыс тылбын аныыбын.

Надежда Егорова, суруналыыс:

“Дууһам кими  ылынарынан уонна үлэбинэн даҕаны кэнсиэртэргэ сылдьабын. Александр Кармановы соторутааҕыта С.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра быйылгы сезонун арыйар гала-кэнсиэригэр истэн сэргии санаабытым. Онтон бу сырыыга сольнай кэнсиэрин биир тыынынан көрдүм. Маннык элбэх жанрга тэҥинэн үчүгэйдик ыллыыр, толорор артыыс аҕыйах ээ. Биһирээбитим диэн, кини  хас ыллаатаҕын аайы куолаһа арыллан, алмаастыы кырыыланан, киһи эрэ истэ олоруох курдук. Өссө да ыллата туруоххун баҕараҕын. Аны туран көрөөччүлэр кинини  ырыаһыт эрэ буолбакка, киһи быһыытынан үчүгэй майгытын-сигилитин, дьоҥҥо сыһыанын билэллэр, наһаа сыаналыыллар эбит дии санаатым. Ол курдук, хас биирдии ырыатыгар туттарыгар-хаптарыгар, тугу эрэ дьээбэлээн ыларыгар таптыыр оҕолорун курдук “ымманыйа”, үөрэ-көтө олордулар. Сотору-сотору “Браво!”, “Маладьыас” диэн ытыстарын тыаһын харыстаабатылар. Артыыс уонна  көрөөччү икки ардыгар маннык истиҥ, чугас  сыһыан мэлдьи баар буолбат ээ.

Өссө биир талааннаах ырыаһыттанан эрэрбититтэн олус үөрдүм. Александр – Үҥкүү тыйаатырын курдук улахан  кэлэктиипкэ үлэлиирэ, саха дьоно киэн туттар Саха аркыастырын доҕуһуолунан ыллыыра, муусука эйгэтигэр кинини өйдүүр-өйүүр дьоннордооҕо дьоло эбит дии санаатым. Көрөөччүлэргин куруук үөрдэ-көтүтэ сырыт, Александр!

Вера Черноградская

+1
6
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: