Дьиэтээҕи сибэккилэри көрүү-харайыы туһунан сүбэлэр

Share

Кыһыҥҥы кэмҥэ, түннүк нөҥүө аам-даам туман будулуйар кэмигэр, дьиэбитигэр баар күөх сибэккилэр биһигини үөрдэллэр, айылҕа кэрэтин, сайыны санаталлар. Кыһын дьиэтээҕи сибэккилэр утуйаллар дуо? Хайдах көрүөххэ-истиэххэ сөбүй? Маныаха Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа сүбэлэрин туһаныҥ.

Кыһын үгүс үүнээйи (зухарис, гиппеаструмнар, зитокактустар, кливия) утуйан ылар кэмнээх. Ол аата сибэккилииргэ бэлэмнэнэллэр. Сөптөөхтүк утуйбут сибэккини хаһан баҕарар сибэккилэтиэххэ сөп.

Утуйуу диэн тугуй? Кыһын, күн ордук кылгаабыт кэмигэр, сибэкки үүнэрэ бытаарар, сынньанар, онон сөрүүн уонна хараҥа сиргэ туруоруллар, ууну мээнэ кутуллубат, аһатыллыбат, көһөрүллүбэт, сыҕарытыллыбат.

Сорох үүнээйилэр хамсатары төрүт сөбүлээбэттэр. Алҕаска да миэстэлэриттэн сыҕарыттахха, сибэккилэрин уонна бутуоннарын түһэрэн кэбиһэллэр. Сибэккини хараҥа сиртэн сырдыкка та­­һаардахха, биир нэдиэлэ устата ууну куппакка туруоруллар, онтон сыыйа аҕыйахтык кутуллар.

Буорун көпсөтөн биэрэ сылдьыллар, салгын киириитэ тыыналларыгар көмөлөөх.

Сибэккини эбии аһатыы

Кыһын эбии аһатыы олунньу ортотуттан саҕаланар. Ити кэмҥэ сибэкки бутон биэрээри эрдэттэн бэлэмнэнэр.

Саахар сүрдээх көдьүүстээх уоҕурдуу. Сибэккигэ эбии аһылык быһыытынан 1 ыстакаан ууга 1 ч.нь. саахары суура­йан, кутуҥ.

Мас күлэ фосфор, кальций, калий курдук эттиктэринэн уонна да атын микроэлэмиэннэринэн баай. Кураанах күлү үүнээйи буорун үрдүгэр таммалатыллар, эбэтэр, ууга суурайан кутуллар. 1 л оргуйбут ууга 1 ост. нь. мас күлүн кутан, 5-6 хонук устата туруоруллар.

Банаан хаҕа калийынан, кальцийынан, магнийынан, фосфорынан, азотунан баай, олус үчүгэй уоҕурдуу. Кыһын сылытар батарыайа үрдүгэр хатаран туттуохха, эбэтэр, сибиэһэйдии бытархай гына кырбаан баран, буоругар көмүөххэ сөп.

Кыһын үүнээйи үүнэрэ бытаарар, үгүстэр утуйаллар. Наһаа итии, гаас оһохтоох дьиэҕэ, эбэтэр, куорат кыбартыыратыгар искусственнай сииги оҥоруллар: ойуур муоҕун илитэн, сибэкки иһитин олоҕор (поддон) төгүрүччү ууруллар. Эбэтэр, улахан бүлүүһэҕэ уу кутан баран, иккис бүлүүһэни умса ууран, үрдүгэр үүнээйини туруоруллар.

Кыһыҥҥы ыйдарга сүбэлэр

Ахсынньы

Бу ыйга көһөрүү көҥүллэммэт. Дьиэ салгына наһаа куураа­йы буолбатын туһугар үүнээйилэр тастарыгар уулаах иһити туруоруллар.

Сибэккилэргэ кутар ууну кыратык сылытыллар.

Кытаанах, лаахтаах курдук сэбирдэхтээх үүнээйилэри ыйга биирдэ сууйуллар-сотуллар.

Лууктуҥу бөлчөхтөөх үүнээйилэри сынньата тымныы сиргэ ууруллар. Буора хаппатын туһугар кыралаан уу кута сылдьыллар.

Түүнүн үүнээйилээх хоско сөрүүн буолуохтаах. Сөрүүҥҥэ үүнээйи сынньанар.

Тохсунньу

Бу ыйга үүнээйи үксэ сынньанар. Ууну кыратык, хаппат эрэ курдук кутуллуохтаах.

Сылаас сиргэ турар буоллахтарына, ууну 10-12 күн буолан баран кутуллар.

Сэбирдэхтэрин пульверизаторынан сылаас уунан ыстарыахха сөп.

Бу кэмҥэ эбии аһатар көҥүллэммэт.

Олунньу

Күн уһаан, үүнээйи кыһыҥҥы уутуттан уһуктар кэмэ. Сибэкки түргэнник сайдарын туһугар маннык көмөлөһүөххэ сөп:

– Буорун эбэн уларыт. Улахан сэбирдэхтээхтэри сэрэнэн инчэҕэй тирээпкэнэн сот.

– Кыра сэбирдэхтээхтэри пульверизаторынан ыстар. Кактустары сымнаҕас киистэнэн быылын ыраастаа.

Пальманы сарсыарда өттүгэр сэбирдэҕин сото сылдьыллар. Маннык сууйуу-сотуу үүнээйини илимнээх кыһыл клещтэртэн көмүскүүр. Фикус, монстера уонна филодендрон кытаанах суон сэбирдэхтэрин сэрэнэн сымнаҕас тирээпкэнэн сотуллар.

Баархат сэбирдэхтээх бегонияны, сенполияны уунан олох ыстарымаҥ.

Ууну кутууну эмискэччи буолбакка, сыыйа элбээтиннэрэбит. Ууну сөбүлүүр сибэккилэргэ нэдиэлэҕэ иккитэ кутуллуохтаах.

Кактустарга сыыйа уу кутан саҕалыахха сөп. Оттон үүнээ­йилэр уһаабыт умнастарыгар өйөбүл-тирэх туруоруллар.

Харчылаах мас (крассула)

Элбэх ууну ирдээбэт. Көрөргө судургу, буоругар хаппырыыһа суох. Иһитин түгэҕэр хайаан да дренаж баар буолуохтаах уонна сэбирдэҕэ быыллыйарын сотуллар. Быыллаах буоллаҕына, кыайан тыыммат.

Бытааннык үүнэр. Көһөрөн олортоххо, ууну тута кутуллубат. Силиһэ намчы буолан, сытыйан, өлөн хаалыан сөп. Эбии аһатыыны сайын эрэ оҥоһуллар, кыһын биирдэ эрэ аһатар сөп.

Буора аһара сииктээх буоллаҕына, ыарыыга ылларар, сэбирдэҕэ саһарар, түһэр. Оччоҕо иһититтэн хостоон ылан, куурдуллар.

Антуриум (эр киһи дьоло)

Сырдыгы сөбүлүүр, ол эрээри күн уотугар сэбирдэҕин сиэтиэн сөп. Ууну иһэрин, суунарын, ­ибиирдэри сөбүлүүр.

Кыһын төрүт аһатыллыбат, сааскыттан саҕалаан икки нэдиэ­лэҕэ биирдэ эбии аһатыллар. Куурусса сааҕын ууга суурайан куттахха, чаҕылыйа түһэр, ба­­наан хаҕар наһаа сэргэхсийэр. Биир ыстакаан ууга ч. нь. төбөтүнэн саахары, эбэтэр, күлү суурайан кутуох­ха сөп.

5 сааһын туолуор диэри антуриуму хас саас аайы көһөрүллэр. Саҥа көһүйэтэ урукку иһититтэн 1-2 тарбаҕынан улахан буолуохтаах. Улааттаҕына, үс сылга биирдэ көһөрүллэр. Буорун үрдүгэр инчэҕэй муоҕу ууруллар, сөп буола-буола илитиллэр.

Сибэккилээн бүттэ да, быһа кырыйан кэбиһиллэр, бэйэтэ хатан түһэрин кэтэһиллибэт, тоҕо диэтэр, хаппыт сэбирдэх үүнээйи күүһүн-уоҕун супту оборор. Сибэккитэ ыйтан ордук кэм устата турар.

Спатифиллум (дьахтар дьоло)

Сүрдээх тоҥуй. Кыһын тымныы түннүккэ уурдахха, силиһэ тоҥон, сэбирдэхтэрэ харааран киирэн барар. Умнаһын төрдүнэн бороҥнуҥу дьүһүннэннэҕинэ, ыалдьаары гыммытын көрдөрөр. Оччотугар суһаллык “Фитоспоринынан” ыстаран эмтэниллэр, сы­­лаас уонна сырдык сиргэ ууруллар, уутун аҕы­йатыллар.

Ууну элбэхтик кутартан уонна салгын кураанаҕыттан эмиэ хараарыан сөп, онон ууну куурда-куурда кутар ордук.

Аччыктаатаҕына, азота, фосфора тиийбэтэҕинэ, эмиэ хараарар. Азоттаах, калийдаах, фосфордаах уоҕурдууну кээмэйин икки төгүл кыччатан кутуллар, тоҕо диэтэр, үүнээйиҥ ситэ уһукта илик. Сайын уонна саас 20 хонукка биирдэ эрэ аһатыллар.

Күн аайы уунан ибиирдиллэр. Силиһэ көһүйэ иһигэр туоллаҕына эрэ, сибэккилиир.

Замиокулькас (дуоллар маһа)

Бытааннык үүнэр, сүрдээх нэс. Сылы быһа бөлчөҕүн улаатыннара сатыыр үгэс­тээх. Ол кэмҥэ элбэх ууну кутуллубат.

Кыра көһүйэҕэ олордуллар, буорун кытары силиһэ иилистэ сытыах­таах. Киэҥ иһиккэ, элбэх буора олортоххо, буора аһыйан, сыттанан киирэн барар.

What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

3 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago