Дьиикимдэ дьокутаата Анастасия Корякина: «Алгыстаах санаанан салайтаран»
Арассыыйа Украинаҕа ыытар байыаннай эпэрээссийэтигэр нэһилиэк аайыттан кэриэтэ саха буойуттара баран, норуокка, Аҕа дойду тыын интэриэһигэр суоһуур кутталы туоратыыга кытта сылдьаллар. Кинилэр арҕаа дойдулар дойдубут судаарыстыбаннаһын туллаҥнатар сыаллаах өстөөхтүү уодаһыннаах, түгэхтээх былааннара туолбатын туһугар күннэтэ кытаанах киирсиигэ буһа-хата сылдьаллар. Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгин муниципальнай тэриллиитин дьокутаата Анастасия Корякина байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарыгар көмө туһунан бу курдук кэпсиир:
— Байыаннай эпэрээссийэҕэ Дьиикимдэттэн икки уолбут — Васильев А.А. уонна Федоров М.В. барбыттара. Бу уолаттарбытын суохтаппат туһугар нэһилиэк салалтата, дьоно-сэргэтэ кинилэр дьонноругар туһааннаах көмөнү тиһигин быспакка ыыталлар. Ол курдук дьаһалта тыа сиригэр саамай наадалаах оту, маһы тиэйэн аҕалыыга тыраахтарынан көмөлөһөр. Аны ол киирбит маһы нэһилиэк дьоно хайытан, барытын саһааннаан, туруоран биэрбиппит.
Маны таһынан Кыайыы күнүгэр Аҕалар түмсүүлэрэ уолаттар дьонноругар сэмэй бэлэхтэрин туттартаабыттара. Ийэлэр түмсүүлэрэ харчынан кыттыһан, байыаннай усулуобуйаҕа табыгастаах таҥас-сап уонна туттар мал, тус ааттаан туран алгыстаах сурунар блокнот оҥотторон ыытаары сылдьаллар.
Бу курдук атын да көмөлөр оҥоһулла тураллар. Дьиикимдэлэр барыбыт туһугар байыаннай эпэрээссийэ уустук усулуобуйатыгар сылдьар буойуттарбытыгар, кинилэр дьонноругар көмөлөһөргө өрүү бэлэммит, этэҥҥэ сылдьан, уолаттарбыт эргиллэн кэллэллэр диэн алгыстаах санаабытынан салайтарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: