Дьиикимдэҕэ ураты тупсаҕай көстүүлээх «Күөх эйгэ» арт-эбийиэк аһылынна

Дьиикимдэҕэ ураты тупсаҕай көстүүлээх «Күөх эйгэ» арт-эбийиэк аһылынна

Ааптар:
16.07.2024, 18:30
Хаартыска: Ньурба дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, от ыйын 15 күнүгэр, Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгэр тупсаҕай көстүүлээх «Күөх эйгэ» диэн ааттаах саҥа олус интэриэһинэй арт-эбийиэк аһылынна.

«Мин Дьиикимдэни таптыыбын» диэн бырайыак уратыта диэн 2 тыһыынча сибэккилээх композицияттан турар. Эбийиэк үөрүүлээх аһыллыытыгар Ньурба улууһун баһылыга Алексй Иннокентьев кытынна.

Хаартыска: Ньурба дьаһалтатын пресс-сулууспата

Тыыннаах сибэккиттэн истиэнэ турар саҥа эбийиэк бу аныгы тупсаҕай эйгэ кэрэ көстүүлээх,  хаачыстыбалаах оҥоһулаах сирин тупсарыы үтүө холобура буолар. Арт-эбийиэк бырайыага Дьиикимдэ нэһилиэгин баһылыга П. Осипова көҕүлээһининэн оҥоһулунна. Бу эбийиэк кыра үбүнэн-харчынан баар буолбута улахан суолталаах. Кэлин манна дьон-сэргэ, ыалдьыттар сөбүлээн сылдьар сиринэн буолуоҕа диэн олохтоохтор эрэнэллэр.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: