Дьиикимдэҕэ ураты тупсаҕай көстүүлээх «Күөх эйгэ» арт-эбийиэк аһылынна
16.07.2024, 18:30
Хаартыска: Ньурба дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, от ыйын 15 күнүгэр, Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгэр тупсаҕай көстүүлээх «Күөх эйгэ» диэн ааттаах саҥа олус интэриэһинэй арт-эбийиэк аһылынна.
«Мин Дьиикимдэни таптыыбын» диэн бырайыак уратыта диэн 2 тыһыынча сибэккилээх композицияттан турар. Эбийиэк үөрүүлээх аһыллыытыгар Ньурба улууһун баһылыга Алексй Иннокентьев кытынна.
Тыыннаах сибэккиттэн истиэнэ турар саҥа эбийиэк бу аныгы тупсаҕай эйгэ кэрэ көстүүлээх, хаачыстыбалаах оҥоһулаах сирин тупсарыы үтүө холобура буолар. Арт-эбийиэк бырайыага Дьиикимдэ нэһилиэгин баһылыга П. Осипова көҕүлээһининэн оҥоһулунна. Бу эбийиэк кыра үбүнэн-харчынан баар буолбута улахан суолталаах. Кэлин манна дьон-сэргэ, ыалдьыттар сөбүлээн сылдьар сиринэн буолуоҕа диэн олохтоохтор эрэнэллэр.
+1
5
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: