Дьирээ дьон сомоҕолостоҕуна эрэ омук түмсэр
Кулун тутар 29 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ историяҕа саалатыгар тыл билимин хандьыдаата, саха тылын биир биллэр-көстөр эмчитэ, национальнай оскуола Кэнсиэпсийэтин Ийэтэ Тамара Ивановна Петрова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах ахтыы күнэ буолан ааста.
Тэрээһини национальнай Кэнсиэпсийэни олоххо киллэрбит СӨ үөрэҕириитин урукку урукку миниистир Дьөгүөр Суркуоп уонна үбүлээр төрөппүт кыргыттара тэрийэн, салайан ыыттылар. Кэлбит дьон ортотугар өссө биир таһаарыылаах миниистир Феодосия Габышева баар. Тамара Ивановна аатын ааттаан улуустартан кытта дьон бөлөҕүнэн кэлбитин көрдөххө, дьиҥнээх ытыктабыл уота сылы-хонугу билиммэккэ, киһи сүрэҕэр сөҕүрүйбэккэ тыыннаах сылдьар эбит диэн итэҕэйэҕин. Ол курдук, 90-с сылларга сахалыы үөрэҕи, өйү-санааны чочуйууга, ыпсарыыга айымньылаах толкуйдарын, ыра-баҕа санааларын, сыраларын-сэниэлэрин анаабыт учуутал аймах бу түһүлгэҕэ мустан, саамай күндү, саамай истиҥ тылларынан барыларыгар Учуутал буолбут кэрэ киһилэрин ахтан-санаан хойукка диэри олордулар.
Тамара Ивановна биир кэмҥэ: “Дуоктар буолар үлэбин суруйар-бичийэр үлэҕэ түһүнэбин дуу, эбэтэр бу күндү кэммин норуотум туһугар тутан ылар туһаны аҕалар суолга аныыбын дуу?” — диэн толкуйдаан баран, иккис суолу талан, сахалыы тыыннаах учууталлары иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сыратын бүттүүнүн анаабыт эбит.
Тааттаттан кэлбит Екатерина Чехордуна: “Сахаҕа “дьирээ дьон” диэн олоҕу хамсатар кыахтаах дьон туһунан өйдөбүл баар. Бу дьон эрэ сомоҕолостоҕуна омук түмсүүгэ кэлиэ, үтүө хамсааһыннар олоххо киириэхтэрэ. 90-с сылларга оннук дьон сомоҕолоспуттара. Билигин бары уҥа-хаҥас хайыһа сылдьаллар”, – диэн эппитин ытыс тыаһынан биһирээтибит. Тамара Ивановна буораҕынан иитиллибит дьирээ дьон тыл туһа диэн билиҥҥэ диэри дьирээлэһэ сылдьаллар. Салалта өттүттэн биллэр-көстөр өйөбүл эмиэ баар. Арай, кырдьык, сомоҕолоһуубут суох дуу?
Тамара Ивановна дьону наһаа хайгыы сылдьыбат, хайдах баарынан утары этэр майгылаах этэ диэн аҕыннылар. Миэхэ оччонон кини алгыс кэриэтэ хайҕала күндүтүйэн иһилиннэ: кини мин Пушкин “Я помню чудное мгновенье…” хоһоонун тылбаастаабыппын “Пушкин бэйэтэ сахалыы суруйбутун курдук…” диэн хайҕаабытын истибитим.
Наталья МИХАЛЕВА-САЙА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: