Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай төрөөбүтэ 95 сылын кини сырдык аатын ахтан-санаан бэлиэтиибит.
БЫҺААРЫЫ
Федоров Василий Семенович-Сэмээр Баһылай суруналыыс, суруйааччы быһыытынан бэйэтигэр ылыммыт аатын (псевдонимын) курдук көнө, сымнаҕас, холку майгылаах, сэмэйдик олорон ааспыт киһи. 1929 сыллаахха ахсынньы 10 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас II Хаптаҕай (Тыа Хаптаҕайын) нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, дьикти-кэрэ айылҕалаах Улуу Тоҕойго, түҥ былыр саха уустара тимири уһааран, эллээн Тус Хоту сирдэри арыйа, чинчийэ ааһар эспэдииссийэлэр устар аалларыгар тимир тээбириннэри, тоһоҕотугар тиийэ оҥорон биэрэр тимир собуоттаах Тамма үрэх уутун иһэн улаатан, ситэн-хотон, үөрэхтэнэн, үлэлээн-хамнаан, олох олорон аат-суол ылбыт уолаттарыттан биир баттаамалаахтара. Оттон суруйааччы буолан тахсыбыт билиҥҥитэ соҕотох, бастакы.
1952 сыллаахха Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай Учуутал үнүстүтүүтэ диэн кыһаҕа үөрэнэ киирбит. Итиэннэ онтун 1955 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1-кыттан 7-с кылаастарга үөрэтэр бырааптаах орто оскуола учуутала диэн идэлэммит.
Хоту Үөһээ Дьааҥыга Боруулаах, Табалаах оскуолаларыгар үлэлээн баран, ахтыытыгар бэлиэтээбитинэн, дойдутугар кэлэн киин оройуон биир куһаҕана суох оскуолатыгар – Мэҥэ Хаҥаласка Тыыллыма оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбитэ.
Лоомтукаҕа учууталлыыр кэмигэр, 1963 сыллаахха СГУ ИФФ саха салаатыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ. 1967 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн филолог, саха тылын уонна литэрэтиирэтин бэрэпэдэбээтэлэ идэлэммитэ. Суруналыыс буолуох быата тардан буолуо, Гаврильев Егор Петрович диэн “Кыым” хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрин солбуйааччыны, сонуннар отделларын сэбиэдиссэйин кытта бииргэ үөрэммитэ.
Ис-иһиттэн сэмэй, дьиҥ сахалыы айылгылаах ытык киһим, учууталым Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай суруналыыс, суруйааччы быһыытынан кыладыйан-суруйан хаалларбыт алыптаах, умсулҕаннаах айымньылара инникитин да, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ сырдык аатын ааттата туруохтара.
Үөрэппит учууталлара: Н.К.Антонов, Н.С.Григорьев, Н.А. Никифоров (бу учуутала Баһылай Сэмэнэбиһи: «Сталин языкознаниеҕа үлэтэ сириллэр кэмигэр түбэһэн, хандьыдаат диссертациятын кыайан көмүскээбэтэҕэ», – диэн сыаналыыр). Манна Сэмээр Баһылай бэйэтин ахтыытыттан маннык түгэни кыбытар тоҕоостоох дии саныыбын. “…ааспыт дьыала буоллаҕа. Кырдьыгынан эттэххэ, саха тылын учуутала ааттаах киһи Учуутал үнүстүтүүтүгэр үөрэнэ сылдьан кырамаатыканы сирэн-сүрэҕэлдьээн үөрэппэт этим. Кыбыстыылаах дьыала. Кыһалҕа кыһайан, дьэ, үөрэппитим итиэннэ балача сиһилии билбитим быһыылааҕа. Кэлин, СГУ-га кэтэхтэн үөрэнэрбэр курдаттыы билэр буолтум. Дипломнай үлэбин билэлиэгийэ билимин дуоктара Н.Д. Дьячковскай (салайааччым) сиэргэ батымыан сөптүк хайҕаабыта”. СГУ ИФФ саха салаатыгар үөрэммит үгүс көлүөнэ устудьуоннар ытыктыыр, саллар-толлор, кытаанаҕынан аатырбыт бэрэпэдэбээтэллэрэ Николай Демьянович Дьячковскай бэйэтинэн “сиэргэ батымыан сөптүк” хайҕааһына В.С.Федоров-Сэмээр Баһылай тылга дириҥ билиитин, тыл ууһа, тыл маастара буоларын туоһулуур диэххэ наада.
“Оччоттон баччааҥҥа диэри учуутал буолар мин аналым буолбатах эбит, буолбатах этэ диэн бигэ өйдөбүллээҕим. Ол иһин бу ыарахан уонна эппиэттээх үлэттэн тоҕоос кэми таба тайанан сыҕарыйан биэрбитим. Тоҕооһунан туһанан, Георгий Андреевич Аргунов туһунан биир-икки тыл. Боруулаахха үөрэммит мин саастыы уонна арыый аҕа дьонум бары ырылхай, үчүгэй буочардаахтара. Ол Аргунов сабыдыала буоларын ахталлара. Бу сахаҕа уратылаах киһини кытта кэлин “Кыымҥа” бииргэ үлэлээбитим. Улахан суруналыыс этэ. Тыл этэринэн ууну сомоҕолуур, кумахтан өтүү хатар араатар – лектор этэ. Албакаат буолбута буоллар, эмиэ аар-саарга аатырыан сөптөөҕө”. Баһылай Сэмэнэбис бу ахтыытыттан Дьааҥыга Боруулаах оскуолатыгар саха суруналыыстыкатын саарына, уһулуччулаах учуонай Георгий Андреевич Аргуновтуун бииргэ үлэлии сылдьыбыта суруксуттуур идэни ылынан, суруналыыстыка суолун тутуһан, сэмээр сээбэҥнии барбакка, өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыатыгар – “Кыым” хаһыакка үлэлииргэ быһаарыныытыгар сабыдыаллаабыта көстөр. Бээ, оччолорго, ССКП обкуомун, Миниистирдэр Сэбиэттэрин, Үрдүкү Сэбиэт уорганнарыгар үлэлииргэ сананыы, бэйэтэ эр санаа холобура буоллаҕа. Бу Сэмээр Баһылай төһө да сэмээрин иһин, наадалаах кэмҥэ быһа-бааччы быһаарыныылары хорсуннук ылынар кытаанах хараактырдааҕын туоһутунан буолар.
“Кыым” хаһыакка 20 сыл устата култуура отделыгар айымньылаахтык үлэлээбитэ. 1974 сыллаахха ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнинэн буолбута. Култуура отделын кэрэспэдьиэнэ бастаан утаа литэрэтиирэ кириитикэтигэр ылсан дириҥ хорутуулаах ырытыылаах ыстатыйалары суруйталаабыта. Ол гынан, сотору кэминэн киниэхэ дьон сыһыана уларыйан, тымныйан, кириитикэлиир ыстатыйаларыгар өһүргэнэн, өстүйүөх да быһыылаахтара. “Мин курдук ньаалбаан сымнаҕас киһиэхэ ыарахан, дьон үчүгэй дии санаан суруйбутун сирэр-талар эрэйдээх эбит этэ. Бултуурбун олус сөбүлүүрүм. Соччо тугу да өлөрөн уһаарбатарбын да, бултуурум. Кэлин көрөрүм мөлтөөн, суруйар идэҕэ ордук охтубутум”, – диэн “Дойдум миэнэ Улуу Тоҕой” кинигэтигэр ахтар.
Мэлдьи үчүгэй тылынан эрэ ахтыллар дьирээ суруксут, тыл ууһа – дьиҥнээх Кыладыкы Уус диэн кини буоллаҕа. Сэмээр Баһылай айылҕаны, оту-маһы, көтөрү-сүүрэри, тулалыыр эйгэни бэрт судургутук эрээри, саха тылын дэгэтин, баай кырааскатын таба туттан, хайдахтаах ураты иэйиилээхтик, тыыннаахтыы дьүһүйэрин биир идэлээҕэ, “Кыымҥа” бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Михаил Петрович Алексеев-Дапсы сөҕөн-бэккиһээн “саха Пришвинэ” диэн ааттыа дуо!
Сэмээр Баһылай, учуутал учуутал курдук, кинигэлэрэ тулалыыр эйгэҕэ сыһыара сатааһын быһыытынан иитэр, дьиҥ сахалыы төрүт үгэстэргэ үөрэтэр ис хоһоонноохтор. “Кэһии”, “Айылҕа абылаҥа”, “Ок-сии! Дьикти дии!”, “Саха сирин көтөрдөрө”, “Саха сирин кыыллара”, “Дойдум миэнэ Улуу Тоҕой” кинигэлэрэ, Г.К.Андерсен “Хаар Хотун” остуоруйатын сахалыы тылбаастааһына оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга үөрэх, дьарык ситимигэр туһаныллаллар, туттуллаллар.
Киһи киэнэ кэрэмэһэ, учуутал, суруналыыс, суруйааччы Василий Семенович Федоров-Сэмээр Баһылай бу олоххо айымньылаах үлэтэ бэйэтин курдук сэмэйдик бэлиэтэммитэ. Урукку ССРС Айылҕа харыстабылын кэмитиэтин Улахан бириэмийэтин лауреата этэ, тыыл бэтэрээнин быһыытынан “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “Үлэ бэтэрээнэ”, хас да үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, “Гражданскай килбиэн” бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадаламмыта. I Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо этэ.
Ис-иһиттэн сэмэй, дьиҥ сахалыы айылгылаах ытык киһим, учууталым Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай суруналыыс, суруйааччы быһыытынан кыладыйан-суруйан хаалларбыт алыптаах, умсулҕаннаах айымньылара инникитин да, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ сырдык аатын ааттата туруохтара. Суруллубут – суоруллубат!
ГАЛИНА ПОПОВА-САНААЙА,
БИИР ДОЙДУЛААҔА, ҮӨРЭНЭЭЧЧИТЭ.
ХААРТЫСКАЛАРЫ ААПТАР ТИКСЭРДЭ.
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…