Диспансеризация. Доруобуйатыгар болҕомтотун уурар дьон элбээтэ

Диспансеризация. Доруобуйатыгар болҕомтотун уурар дьон элбээтэ

22.02.2024, 17:30
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

 Олунньу 19-25 күннэригэр  Арассыыйа үрдүнэн  диспансеризация уонна  ыарыыны сэрэтэр чинчийии  нэдиэлэтэ ыытыллар. Бу аахсыйа Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо бэйэтин  доруобуйатыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын, бырааска  кэмигэр көрдөрүнүү  наадалааҕын, туһалааҕын өйдөтөр сыаллаах-соруктаах тэриллэр.

Нэһилиэнньэ доруобуйатын  уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин иһитиннэрэринэн, диспансеризация Арассыыйаҕа 2013 сылтан саҕаламмыта. Урукку кэмҥэ диспансеризацияҕа кыттыы көрдөрүүтэ мөлтөх буоллаҕына, билигин доруобуйатыгар болҕомто уурар дьон ахсаана элбээтэ. Диспансеризация  сүрүннээн ыарахан ыарыылары эрдэттэн быһаарарга туһуланар. Холобур, араак, сүрэх ыарыыта, сахарнай диабет онтон да атын ыарахан ыарыылары быһаартарыахха сөп.  Онон, диспансеризация курдук доруобуйа туругун бэрэбиэркэлээһинтэн куотунар сатаммат. Ол кэриэтэ, эрдэттэн олорор сиргинэн балыыһаҕа суруйтаран, доруобуйаҕыт туругун билэргит ордук.

Арассыыйа олохтоохторо, быраабыла быһыытынан, ыарыыны сэрэтэр  көрдөрүнүүнү сылын ахсын ааһаллар. Онтон диспансеризация ирдэбилинэн, 18-39 диэри саастаах дьон — үс сылга биирдэ, онтон 40-тан үөһэ саастаах дьон сыл ахсын көрдөрүөхтээхтэр.

Диспансеризация икки түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэххэ сыстыгана суох,  ааһан араҕан биэрбэт  ыарыылар баалларын быһаараллар. Бу түһүмэххэ ЭКГ, хаан баттааһынын уонна хааҥҥа холестерины быһаараллар, маммография, флюрография онтон да атын бэрэбиэркэ ыытыллар. Көрдөрүү түмүгүнэн, быраас киһи доруобуйата ханнык бөлөххө сөп түбэһэрин, ол кэннэ ханнык анал көрдөрүнүү наадатын быһаарар. Бу киһи диспансеризация иккис түһүмэҕэр доруобуйатын дириҥэтэн көрүүгэ ыытыллар. Иккис түһүмэххэ кини  чопчу туох ыарыылаҕынан туһааннаах быраастарга көрдөрүнэр уонна диспансер учуотугар ылыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: