Олунньу 19-25 күннэригэр Арассыыйа үрдүнэн диспансеризация уонна ыарыыны сэрэтэр чинчийии нэдиэлэтэ ыытыллар. Бу аахсыйа Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо бэйэтин доруобуйатыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын, бырааска кэмигэр көрдөрүнүү наадалааҕын, туһалааҕын өйдөтөр сыаллаах-соруктаах тэриллэр.
Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин иһитиннэрэринэн, диспансеризация Арассыыйаҕа 2013 сылтан саҕаламмыта. Урукку кэмҥэ диспансеризацияҕа кыттыы көрдөрүүтэ мөлтөх буоллаҕына, билигин доруобуйатыгар болҕомто уурар дьон ахсаана элбээтэ. Диспансеризация сүрүннээн ыарахан ыарыылары эрдэттэн быһаарарга туһуланар. Холобур, араак, сүрэх ыарыыта, сахарнай диабет онтон да атын ыарахан ыарыылары быһаартарыахха сөп. Онон, диспансеризация курдук доруобуйа туругун бэрэбиэркэлээһинтэн куотунар сатаммат. Ол кэриэтэ, эрдэттэн олорор сиргинэн балыыһаҕа суруйтаран, доруобуйаҕыт туругун билэргит ордук.
Арассыыйа олохтоохторо, быраабыла быһыытынан, ыарыыны сэрэтэр көрдөрүнүүнү сылын ахсын ааһаллар. Онтон диспансеризация ирдэбилинэн, 18-39 диэри саастаах дьон — үс сылга биирдэ, онтон 40-тан үөһэ саастаах дьон сыл ахсын көрдөрүөхтээхтэр.
Диспансеризация икки түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэххэ сыстыгана суох, ааһан араҕан биэрбэт ыарыылар баалларын быһаараллар. Бу түһүмэххэ ЭКГ, хаан баттааһынын уонна хааҥҥа холестерины быһаараллар, маммография, флюрография онтон да атын бэрэбиэркэ ыытыллар. Көрдөрүү түмүгүнэн, быраас киһи доруобуйата ханнык бөлөххө сөп түбэһэрин, ол кэннэ ханнык анал көрдөрүнүү наадатын быһаарар. Бу киһи диспансеризация иккис түһүмэҕэр доруобуйатын дириҥэтэн көрүүгэ ыытыллар. Иккис түһүмэххэ кини чопчу туох ыарыылаҕынан туһааннаах быраастарга көрдөрүнэр уонна диспансер учуотугар ылыллар.
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…