Диспансеризация ханна ааһабыт?

Диспансеризация ханна ааһабыт?

Ааптар:
28.06.2023, 16:30
Хаартыска: Нарыйаана Ушатова
Бөлөххө киир:

Хас биирдии киһи доруобуйата бэйэтин илиитигэр. Сылын аайы доруобуйаҕын бэрибиэркэлии, көрдөрүнэ диспансеризация ааһыахтааххын. Куораттааҕы бастакы нүөмэрдээх поликлиникаҕа буор босхо өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун көрөллөр. Бу туһунан поликлиника ыарыыны сэрэтиигэ отделениетын сэбиэдиссэйэ Ефросиния Дьячковская кэпсээтэ. 

Ол курдук, диспансеризацияны 18 саастарыттан 100 саастарыгар диэри дьон бары ааһар эбит. Үс сылга биирдэ көрдөрүнэҕин. Холобур, быйыл 2005, 2002, 1999, 1996 сыллаахтар доруобуйаларын көрдөрөллөрө булгуччулаах, онтон эһиил 2004, 2001, 1998 сыллаахха төрөөбүт дьон көрдөрүнүөхтээхтэр. Ити курдук үс сылынан көтө-көтө баран иһэр.

Быраас бэлиэтээбитинэн, өскөтүн эһиги сылгыт быйыл диспансеризацияҕа булгуччулаах буотах буоллаҕына, сыллааҕы медосмотр ааһыахтааххын. 40 саастарын туолбут дьон сылын аайы хайаан даҕаны диспансеризацияҕа сылдьыахтаахтар.

Көрдөрүнуу икки чаастан турар, онно наадалаах докумуоннар: паспорт, полис, снилс. Интернет нөҥүө «Гослуги» сыһыарыыга эбэтэр регистратураҕа бэйэтигэр эрийэн суруйтараҕын. Бука бары диспансеризацияны бастакы нүөмэрдээх поликлиникаҕа ааһаллар эбэтэр бэйэн учаастактааҕы бырааскар. Орто, үрдүк үөрэх үерэнээччилэрэ бэйэлэрин үөрэхтэрин балыыһаларыгар эмиэ ааһыахтарын сөп.

Үс сыл иһигэр биирдэ да ааспатаххына, балыыһа үлэһиттэрэ бэйэлэрэ эрийэн ыҥыраллар эбит. Онон доруобуйаҕытын харыстаан, бараҥҥыт көтүппэккэ диспенсаризацияны ааһын, доруобай буолун!

Нарыйаана Ушатова

Диспансеризация

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: