Диспансеризация суолтатын туһунан иһитиннэрэр нэдиэлэ саҕаланна

Share

РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ тохсунньу 23-29 күннэрин  диспансеризация уонна  ыарыыны сэрэтэр мэдиссиинискэй көрүүлэр суолталарын иһитиннэрии нэдиэлэтинэн биллэрдэ.

Үгүс улахан ыарыыны хойутаабакка бириэмэтигэр буллахха, ыарыы күүһүрэрин тохтотуохха сөп. Онуоха кэккэ идэлээх исписэлиистэр көрөр уонна чинчийии ньымалара туһаныллар диспансеризацияны тиһигин быспакка барарга сүбэлииллэр.

18-39 саастаахтар диспансеризацияҕа үс сылга биирдэ, онтон 40 саастара туоллаҕына – сыл аайы бараллар. 2023 сылга диспансеризация 1984, 1987, 1990, 1993, 1996, 1999, 2002, 2005 сылларга төрөөбүт дьоҥҥо, ону таһынан 40-тан үөһээ саастаахтарга ыытыллар. Онтон эбии толору диспансеризацияны COVID-19 ыалдьыбыттар барыахтарын сөп. Ыарыыны сэрэтэр мэдиссиинискэй көрүүлэргэ сыл аайы ким баҕарар көрдөрүнэр.

Диспансеризация сыала-соруга –  ааһан-араҕан биэрбэт сыстыгана суох ыарыылары эрдэ булуу уонна ыарыы сайдар кутталын туоратыы. Холобур:

-искэни эрдэ буллахха, ыарыы кыра эпэрээссийэни эрэйэр, киһи түргэнник чөлүгэр түһэр уонна толору олоҕунан олорор;

-хаан баттааһынын ыарыытын эрдэ быһааран, инсультан быыһаныахха сөп;

-сүрэх ишемическай ыарыытын эмтээтэххэ, инфаркт миокарда ыарыы эрэйдиэ суоҕун сөп.

Өскөтүн диспансеризация кэмигэр киһиэхэ ыарыы сибикилэрин биллэхтэринэ, кинини булгуччу “узкай” исписэлиистэргэ чинчийии эбии көрүҥнэригэр ыыталлар, балыыһаҕа сытыаран эмтииллэр. Маннык ыарыһаҕы учаастак бырааһа хайаан да кэтээн көрөр, диспансер учуотугар туруорар.

Өскөтүн эн төрөөбүт сылыҥ диспансеризацияны барааччылар испииһэктэригэр суох, чэпчэтиилээх араҥаҕа сөп түбэспэт да буоллаххына,  поликлиникаҕар кэлэн мэдиссиинискэй көрүүнү ааһыаххын сөп. Мэдиссиинискэй көрүү хабар кээмэйэ диспансеризациятааҕар кыра. Сыһыарылла сылдьар поликлиникаҕар босхо бараҕын.

Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ «Саха сирин олохтооҕо» карталаахтар диспансеризацияны уонна ыарыыны сэрэтэр мэдиссиинискэй көрүүнү ааһалларыгар эбии чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Ол курдук, карталаах киһи “Чолбон” уонна “Самородок” бассейннарга сылдьарыгар 25%  чэпчэтиинэн туһанар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

1 минута ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

16 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

31 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

46 минут ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

49 минут ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago