Диспансеризация туһата
Мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр бэйэ доруобуйатын көрдөрө сылдьыы ханнык баҕарар ыарыыны эрдэ буларга туһалаах. Ыарыы сибикитэ төһөнөн эрдэ биллэр да, эмтэнии көдьүүстээх буоларыгар көмөлөөх.
Диспансеризация РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар.
Дьокуускай куорат 1 нүөмэрдээх поликлиниката диспансеризацияны мэлдьи көхтөөхтүк тэрийэр уонна ыытар.
Поликлиника нэһилиэнньэ доруобуйата тупсарыгар, доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ сайдарыгар уонна мэдиссиинэ өҥөтүнэн хааччыйыы таһыма үрдүүрүгэр ураты болҕомтотун ууран үлэлиир. Ону сэргэ диспансеризация хас биирдии киһиэхэ табыгастаах буоларыгар кыһаллар.
Доруобуйаҕытын харыстааҥ – диспансеризацияны кэмигэр барыҥ уонна идэлээх дьоҥҥо итэҕэйиҥ.
БЫҺААРЫЫ:
2025 сылга диспансеризацияны 1986, 1989, 1992, 1995, 1998, 2001, 2004, 2007 с.т. уонна 40-тан тахса саастаах дьон бардылар. 40 саастарын ааспыт дьон диспансеризацияны сыл аайы барар бырааптаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: