Диспансеризация туһунан билэҕин дуо?

Диспансеризация туһунан билэҕин дуо?

Ааптар:
16.01.2024, 13:55
Хаартыска СИА
Бөлөххө киир:

Быйыл диспансеризацияны 2006, 2003, 2000, 1997, 1994, 1991, 1988, 1985 с.т. дьон, ону сэргэ, 40 саастарын ааспыттар бараллар.

Дьон-сэргэ этэҥҥэ сылдьар, чэгиэн-чэбдик буоларын туһугар ыытыллар тэрээһин «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан ыытыллар. Манна даҕатан эттэххэ, бу РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан 2019 сыллаахтан саҕаламмыта.

Бу доруобуйаны киэҥ хабааннаахтык профилактическай көрүү, маны таһынан, эбии чинчийэн көрүүлэр эмиэ киирэллэр.

Маннык көрдөрүүнү, бэрэбиэркэлэтиини 18 саастарыттан барыахтарын сөп. Доруобуйаҥ барыта этэҥҥэ да буоллаҕына, чэгиэн туруктаах сылдьар туһугар көрдөрүнэр ордугун бэлиэтииллэр. Онон сылга биирдэ профилактическай көрдөрүүнү босхо бараҕын.

Терапевт көрөр, анаалыстарга ыытар. Наада буоллаҕына, атын исписэлиистэргэ эмиэ ыытар.

Өскөтүн COVID-19 ыалдьа сылдьыбыт буоллаххына, доруобуйаҕын сыныйан көрүөхтэрин сөп. Маныаха арҕах буолбут ыарыылаахтар, коронавирустаабыттар көрдөрөллөрө ордук наадалаах.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3384013  киирэн ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: