Диспансеризацияҕа төрүүр-ууһуур кыаҕы чинчийэллэр

Share

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ төрүүр-ууһуур саастаах дьоҥҥо туспа диспансеризацияны тэрийэр. 

Төрөппүттэр доруобуйалара төрүөхтээх оҕолоругар улахан суолталаах. Онон Дьиэ кэргэн сылыгар Арассыыйаҕа диспансеризация бырагыраамата саҥа хайысханан эбилиннэ — төрүүр-ууһуур кыаҕы бэрэбиэркэлиир скрининг баар буолла. Онон төрүүр-ууһуур саастаах дьахталлар уонна эр дьон ОМС полиһынан босхо чинчийиини ааһар кыахтаннылар.

1-кы түһүмэххэ:

Дьахталларга: эмиий былчархайдарын тутан, чинчийэн көрүү, киэли тиэрбэһин (шейка матки) көрөн баран, эттигин ылан микроскобунан чинчийии, цитологияҕа бэрэбиэркэлээһин. Эр дьоҥҥо: уролог-быраас, эбэтэр, хирург көрүүтэ.

2-с түһүмэххэ:

Дьахталларга: эмиийи, төрүүр-ууһуур уорганнары УЗИ-га түһэрии, инфекцияларга ПЦР-анаалыс, акушер-гинеколог иккис көрүүтэ. Эр дьоҥҥо: спермограмма, ууһатар уорганнары УЗИ-га түһэрии, уролог иккис көрүүтэ.

Бу чинчийиилэр киһи оҕолонор-оҕоломмот кыахтааҕын, туох ыарыылааҕын быһаараллар.

Быйыл ааспыт 7 ый устата 5 тыһыынчаттан тахса дьахтар, 1 тыһыынчаттан тахса эр дьон маннык чинчийиини аастылар. Онно кыайан оҕоломмот буолуу төрүөтэ буолар 893 ыарыыны буллулар.

Ханнык баҕарар ыарыыны саҥа саҕаланан эрдэһинэ, эрдэ булан, эмтээтэххэ, үтүөрэр кыахтаах. Онон бу хаалбыт түөрт ыйга маннык кыаҕы туһанан, доруобуйаҕытын бэрэбиэркэлэнэн хаалыҥ.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сайаапкалары «яконтракт14.рф» саайтка хомуйаллар

Саха сиригэр «яконтракт14.рф» саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп.  Российскай Федерация…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Оҕолор ыстаадаттан сөмөлүөтүнэн кэллилэр

Саҥа үөрэх дьылын көрсө, атырдьах ыйын 27 күнүгэр, «Анаабыр алмаастара» АУо көмөтүнэн, табаһыттар оҕолорун  Булуҥ…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халабыр иһин эр киһи сууттанна

Дьокуускай куорат борокуратуурата Усуйаана улууһун 27 саастаах олохтооҕор тэриллибит холобуонай дьыалаҕа буруйдааһыны өйөөтө. Кини халабыр…

45 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Стажировкалар өрөспүүбүлүкэ туһугар үлэҕэ көмөлөһөллөр

"Улахан тэрилтэлэр уонна  судаарыстыбаннай былаас уорганнарын үлэлэрин билсии инникитин өрөспүүбүлүкэни  салайыахтаах дьону үөрэтиигэ дьоһуннаах хардыынан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйа Дьоруойа  Николай Соболев байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин кытары көрүстэ

Чурапчы улууһугар “Дойдуну көмүскээччилэр” пуонда Саха сиринээҕи салаатын социальнай сүрүннээччитин  көҕүлээһининэн Арассыыйа Дьоруойа, батальон хамандыыра,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Атырдьах ыйын 25 күнэ. Дойду РФ  Бэрэсидьиэнэ Владимирович Путин ыйааҕынан Саха сириттэн  Герман Степанович уонна…

2 часа ago