Диспансеризацияны саҕалыахха эрэ наада эбит
Анна Ивановна – Дьокуускай куорат олохтооҕо, куоракка кэлиэҕиттэн Сайсары оройуонугар олорор. Кини доруобуйатыгар, төһө кыалларынан, кыһаллар, мэдиссиинэ литэрэтиирэтин ааҕар, бэйэтин сааһыгар сөптөөх эрчиллиилэри оҥорор.
«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак киириэҕиттэн доруобуйатын эрдэттэн көрүнэригэр, ыарыыны сэрэтэргэ анаммыт диспансеризацияны нэһилиэнньэ биһириир. Диспансеризацияҕа урут наар балыыһа эмчиттэрин үлэлэригэр ыҥыран көрдөрөллөр этэ. Ол олус табыгастааҕа. Үлэ чааһын бириэмэтигэр көҥүллэтэ-көҥүллэтэ балыыһаҕа сүүрэ сатаабакка, барытын биир миэстэҕэ аҕыйах чаас иһигэр көрдөрүнэн кэбиһэҕин. Оттон быйыл тэрилтэтин дьонуттан ким эрэ уоппускатыгар сылдьар, ким эрэ ыалдьан үлэлээбэт, ким эрэ кириип элбэҕиттэн балыыһа аанын арыйыан да куттанарыттан, күргүөмүнэн көрдөрүү кыаллыбата. Дьиҥэр, диспансеризацияҕа сылдьарга хамнас төлөнөн туран, икки күн бэриллэр эбит. Кини, ону олох да хойут биллэ, чахчыта да, доруобуйатыгар кыһанар киһиэхэ судаарыстыба кыһамньыта улахан. Анна Ивановна санаатын түһэрбэккэ, биир үтүө күнтэн саҕалаан, олорор сиригэр сыһыарыллыбыт балыыһатыгар – куорат 3 №-дээх балыыһатыгар диспансеризацияны саҕалыырга санаммыта.
- Бастаан судаарыстыбаннай өҥөнөн киирэн суруйтарыан баҕарбыта да, тоҕо эрэ сатаммата, бэйэтэ сатаабата дуу? Ол иһин балыыһаҕа бэйэтигэр тиийдэ. Киирээти кытары аан таһыгар олорор эйэҕэс-сайаҕас үлэһиккэ диспансеризацияҕа кэлбитин туһунан эттэ. Үлэһит терминалга баран терапевтка суруйтаран, толуон ылан биэрдэ. Хата, көрдөрөр күнэ аһара ырааҕа суох, 3-4 хонугунан кэлэр буолла.
- Анаммыт күнүгэр, чааһыгар балыыһа иккис этээһигэр тахсан, «Диспансеризация» диэн суруктаах 210 «а» кэбиниэти начаас булла. Урукку өйдөбүлүнэн, уһун унньуктаах уочаракка олорорго бэлэм кэлбит буолан, дьон онон-манан абына-табына олорорун көрөн соһуйда уонна күлүгэр имнэннэ. Чаас аҥаара эрдэ кэлбит эбит. Арааһа, ким эрэ кыайан кэлбэккэ хаалбыта эбитэ дуу, сотору быраас тахсан кинини ыҥырда.
- 210 «а» кэбиниэккэ быраас аатын-суолун ыйыталаһан баран, көмпүүтэригэр булан ылла. Онно кини балыыһаҕа хаһан сылдьыбыта, ханнык бырааска көрдөрүммүтэ, диспансеризацияны хаһан ааспыта, быраас тугу сүбэлээн ыыппыта барыта сурулла сылдьар эбит. Көрдөрүнэр киһи устуоруйата барыта биир сиргэ түмүллүбүтэ бу үчүгэйин!
Быраас уһунун, ыйааһынын кээмэйдээтэ. Хаанын уонна хараҕын баттааһынын бэрэбиэркэлээтэ. Онтон салгыы ханнык быраастарга сылдьыахтааҕа суруллубут балачча элбэх кумааҕыны биэрдэ уонна уу сахалыы барытын хос быһаарда.
Анна Ивановна киирбит кэбиниэтиттэн тахсыбакка эрэ, салгыы кэлэр хоско сүрэҕэр кардиограмма оҥортордо. Онтон өссө салгыы биир кэбиниэккэ саахарын, холестеринын бэрэбиэркэлиир хаан анаалыһын туттарда. Ол кэнниттэн аны смотровай хоско ааста. Урут дьахтар доруобуйатын көрдөрүнэргэ күнү-күннүктээн кэриэтэ уочаракка олорорун санаан (ону да бастаан толуоҥҥа тигистэҕинэ), бу сырыыга түргэнэ бэрдиттэн соһуйан да хаалла.
- Бастакы этээскэ 1.21 кэбиниэккэ флюроографияҕа түһэ оҕуста.
- Онтон төлөбүрдээх өҥө түннүгэр тиийдэ. Тоҕо диэтэххэ, диспансеризацияҕа иик анаалыһын туттарыы көрүллүбэт, онтон (урут баар этэ) кыратык хомойо санаата. Санаата буолбакка, бу анаалыһы харчы төлөөн да туран (150 солкуобай) туттарарга быһаарынна.
- Болдьоммут күнүгэр 4-с этээскэ хас да терапевт кэбиниэтэ баарыттан бэйэтин бырааһыгар кэллэ. Көрдөрөр бириэмэтин этэн туран, ким кэнниттэн киириэхтээҕин биллэ. Бириэмэтэ чаас аҥаара хаалбыт да, иннигэр 2-3 киһи баар эбит. Онон бириэмэтин кыратык аһарда түһэн баран, терапевка ыҥырылынна. Эйэҕэс-сайаҕас көрүҥнээх эдэр быраас кинини хаһааҥҥыттан эрэ билэрдии, үөрэ-көтө көрүстэ. Аҕатын аатын ааттаан туран, олоппоско олорорго көрдөстө. Онтон дьэ көмпүүтэригэр көрдөөн булан, туох баар анаалыстарын түмүгүн барытын ыраас мууска ууран биэрдэ. Анна Ивановна бырааска киирбиччэ: «Кыратык сүрэҕим ыалдьааччы», – диэн «билиммитигэр», бырааһа кардиограмма көрдөрүүтүн өссө сыныйан көрөн баран, ол хаанын баттааһына уларыйарыттан буолуон сөбүн туһунан эттэ уонна хайаан да бэрэбиэркэлэнэ сылдьарыгар сүбэлээтэ.
Анна Ивановна ити курдук, биир-икки нэдиэлэҕэ тиийбэт кэмҥэ доруобуйатын көрдөрүммүтүттэн олус астынна. Сүрүнэ, элбэх бириэмэтин сүтэрбэтэ, ханна да уочаракка олорбото, биир да үлэһит киниэхэ болҕомтото суох сыһыанын биллэрбэтэ.
Ол да буоллар, биир суолга санаата туолбата. Ол, окулист бырааска көрдөрбөтө уонна УЗИ-га түспэтэ. Аҕыйах сыллаахха диспансеризацияҕа хабыллан көрдөрөрүгэр бу балыыһатыгар окулист быраас аныгы күүстээх аппараакка бэрэбиэркэлээн сөхтөрбүтэ, суруйан биэрбит ырысыабынан ачыкытын уларытан турар. Оттон билигин ити туһалаах өҥөлөр диспансеризацияҕа көрдөрүллэр өҥө испииһэгиттэн ылыллыбыттар. Арааһа, үбү-харчыны кэмчилээтэхтэрэ…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: