ХААРТЫСКА: RGO.RU.
Анна Ивановна – Дьокуускай куорат олохтооҕо, куоракка кэлиэҕиттэн Сайсары оройуонугар олорор. Кини доруобуйатыгар, төһө кыалларынан, кыһаллар, мэдиссиинэ литэрэтиирэтин ааҕар, бэйэтин сааһыгар сөптөөх эрчиллиилэри оҥорор.
«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак киириэҕиттэн доруобуйатын эрдэттэн көрүнэригэр, ыарыыны сэрэтэргэ анаммыт диспансеризацияны нэһилиэнньэ биһириир. Диспансеризацияҕа урут наар балыыһа эмчиттэрин үлэлэригэр ыҥыран көрдөрөллөр этэ. Ол олус табыгастааҕа. Үлэ чааһын бириэмэтигэр көҥүллэтэ-көҥүллэтэ балыыһаҕа сүүрэ сатаабакка, барытын биир миэстэҕэ аҕыйах чаас иһигэр көрдөрүнэн кэбиһэҕин. Оттон быйыл тэрилтэтин дьонуттан ким эрэ уоппускатыгар сылдьар, ким эрэ ыалдьан үлэлээбэт, ким эрэ кириип элбэҕиттэн балыыһа аанын арыйыан да куттанарыттан, күргүөмүнэн көрдөрүү кыаллыбата. Дьиҥэр, диспансеризацияҕа сылдьарга хамнас төлөнөн туран, икки күн бэриллэр эбит. Кини, ону олох да хойут биллэ, чахчыта да, доруобуйатыгар кыһанар киһиэхэ судаарыстыба кыһамньыта улахан. Анна Ивановна санаатын түһэрбэккэ, биир үтүө күнтэн саҕалаан, олорор сиригэр сыһыарыллыбыт балыыһатыгар – куорат 3 №-дээх балыыһатыгар диспансеризацияны саҕалыырга санаммыта.
Быраас уһунун, ыйааһынын кээмэйдээтэ. Хаанын уонна хараҕын баттааһынын бэрэбиэркэлээтэ. Онтон салгыы ханнык быраастарга сылдьыахтааҕа суруллубут балачча элбэх кумааҕыны биэрдэ уонна уу сахалыы барытын хос быһаарда.
Анна Ивановна киирбит кэбиниэтиттэн тахсыбакка эрэ, салгыы кэлэр хоско сүрэҕэр кардиограмма оҥортордо. Онтон өссө салгыы биир кэбиниэккэ саахарын, холестеринын бэрэбиэркэлиир хаан анаалыһын туттарда. Ол кэнниттэн аны смотровай хоско ааста. Урут дьахтар доруобуйатын көрдөрүнэргэ күнү-күннүктээн кэриэтэ уочаракка олорорун санаан (ону да бастаан толуоҥҥа тигистэҕинэ), бу сырыыга түргэнэ бэрдиттэн соһуйан да хаалла.
Анна Ивановна ити курдук, биир-икки нэдиэлэҕэ тиийбэт кэмҥэ доруобуйатын көрдөрүммүтүттэн олус астынна. Сүрүнэ, элбэх бириэмэтин сүтэрбэтэ, ханна да уочаракка олорбото, биир да үлэһит киниэхэ болҕомтото суох сыһыанын биллэрбэтэ.
Ол да буоллар, биир суолга санаата туолбата. Ол, окулист бырааска көрдөрбөтө уонна УЗИ-га түспэтэ. Аҕыйах сыллаахха диспансеризацияҕа хабыллан көрдөрөрүгэр бу балыыһатыгар окулист быраас аныгы күүстээх аппараакка бэрэбиэркэлээн сөхтөрбүтэ, суруйан биэрбит ырысыабынан ачыкытын уларытан турар. Оттон билигин ити туһалаах өҥөлөр диспансеризацияҕа көрдөрүллэр өҥө испииһэгиттэн ылыллыбыттар. Арааһа, үбү-харчыны кэмчилээтэхтэрэ…
Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…
Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…
Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…
Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…