Диспетчер Федот Степанов: “Инники күөҥҥэ сылдьар дьоммутунан киэн туттабыт!”

Share

Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар итиэннэ билигин бара турар анал байыаннай эпэрээссийэ суолтатын туһунан биир дойдулаахтарбыт тус санааларын үллэстэллэр.

Федот Степанов, «АЭБ Капитал» ХЭУо тырааныспарка отделын диспетчерэ: 
— РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай эпэрээсийэни ыытар быһаарыныытын өйүүбүн. Биһиги судаарыстыбабыт билигин итинник дьайыыны оҥорботоҕуна, кэлин улахан охсуулаах буолуон сөп. Уолаттарбыт быстах хомуурга кыттан, Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар саҥа киирбит өрөспүүбүлүкэлэргэ эйэлээх олоҕу араҥаччылыы, онно миэстэтигэр бэрээдэги көрөн, эбийиэктэри харабыллаан, инники кирбиигэ көмөлөһө сылдьаллар. Билэр дьоммуттан мобилизацияҕа эрэ буолбакка, доброволеһынан тылланан барбыттар кытта бааллар. Миигин кытта бииргэ үлэлээбит Колесов Александр Гаврильевич онно тиийэн хамандьыырынан сылдьар. Маннык инники күөҥҥэ сылдьар дьоммутунан киэн туттабыт.
Кэлэктииппит Аҕа дойдубутугар тирээбит кытаанах быһыы-майгы кэмигэр биһигиттэн мобилизацияҕа барбыт уолаттарбытыгар матырыйаалынай көмөнү ыыта олоробут. Бу уустук, ыарахан кэмнэргэ биир санаанан, биир быһаарыныынан сылдьарбыт сөп. Хомуурга ыҥырыллан барбыт дьоммут этэҥҥэ чөл, доруобай эргиллэн кэллиннэр дии саныыбыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago