Диспетчерскэй сулууспа үлэтэ тупсуохтаах

Share

Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениеларын отчуоттарыгар олоҕурдахха, бу дьыл алтынньы 24 күнүнээҕи туругунан, бары көрүҥнээх хаһаайыстыбаларга 177688 таба (тохсунньу 1 күнүгэр 171552 этэ) иитиллэн турар. 114 таба иитэр хаһаайыстыба баар, итилэргэ 1010 табаһыт уонна 235 чуум үлэһитэ үлэлииллэр.

СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин Хотугу төрүт салааны уонна балык хаһаайыстыбатын комплексын сайыннарыыга отделын салайааччыта Иннокентий Баланов  иһитиннэрбитинэн, билигин таба ыстаадалара бары күһүҥҥү-кыһыҥҥы мэччирэҥнэригэр көспүттэр. Ити эрээри, ыстаадалары бөрөлөр буулууллар эбит. Отчуоттуур кэмҥэ 338 ардай аһыылааҕы бултаабыттар. Ордук Үөһээ Халыма улууһугар бөрөлөр элбээбиттэрэ бэлиэтэммит. Онон ыстаадалары бу кыыллартан көмүскээһин миэрэлэрин күүһүрдүбүттэр.

Салайааччы салгыы бэлиэтииринэн, 37415 тугут төрөөбүт (2023 сылга – 34609). Дьааҥы, Кэбээйи, Эбээн Бытантай, Усуйаана улуустарыгар хараал саҕаламмыт.

— Таба иитэр хаһаайыстыбаларга биригээдэлэри кытта сибээһи тутуһалларын курдук, араадьыйа-диспетчер сулууспатын үлэтэ үчүгэйдик тэриллэрэ ирдэнэр. Ону тэҥэ табалары мэччитии торумнаммыт маршрутун тутустахтарына табыллар, — диир Иннокентий Михайлович.

Хаартыска: Л.Бурцева архыыбыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago