Дизельнэй уматыктаах массыына түҥнэстибит
17.09.2024, 21:19
https://t.me/gibdd_megino
Бөлөххө киир:
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Халыма» федеральнай суолга «SITRAK C7H» массыына суолтан туораан түҥнэһиннэ. Бу туһунан Госавтоиниспиэксийэ иһитиннэрдэ.
Балаҕан ыйын 17 күнүгэр 14:30 чааска Мэҥэ Хаҥаластааҕы дьуһуурунай чааска «Халыма» суолга массыына түҥнэстибитин туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Ол курдук «Халыма» федеральнай суол 72 км 1989 сыллаах төрүөх «SITRAK C7H» массыына суоппара Аллараа Бэстээх диэкиттэн айаннаан иһэн, уруулун кыайан туппакка суолтан тахсан түҥнэстибит. Ол түмүгэр дизельнэй уматык тохтубут. Суол саахалыгар суоппар эчэйбэтэх. Бэйэтэ соҕотох айаннаан испит.
Бэрэбиэркэ түмүгэр биллибитэ, суоппар арыгы испит эбит.
+1
2
+1
5
+1
+1
+1
20
+1
5
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: