Дмитрий Алексеев 2 эксээмэнин 100-түү баалга туттарда

Share

В.П. Ларионов аатынан Физическэй-тиэхиньиичэскэй лиссиэйи бүтэрбит Дмитрий Алексеев икки биридимиэккэ — нуучча тылыгар уонна математикаҕа 100-түү баалы ылбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥитэ кини эрэ иккитэ 100-түү бааллаах. Кини Дьокуускай куорат урукку сүрүн архитектора Ирина Алексеева уола. Бу туһунан ийэтэ телеграм-ханаалыгар үөрүүтүн үллэһиннэ.

Дима кыра эрдэҕиттэн үөрэх туйгуна, Кыһыл көмүс мэтээли ыларга дьулуһар. Кини үөрэҕин таһынан, успуордунан эмиэ дьарыктанар: остуол тиэнниһигэр, волейболга, баскетболга, футболга оонньуур. Маны тэҥэ, охсор-тэбэр үнүстүрүмүөннэргэ эмиэ оонньуур. Өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар хас да төгүллээх кыайыылаахтара, призердара. Кини үөрэҕин уонна дьарыгын, сынньалаҥын сатаан дьүөрэлиир эбит. Туруоруммут сыалын ситиһэр, сүрдээх дьаныардаах оҕо.

Нуучча тылыгар Лариса Романовна Дмитриева, математикаҕа Елена Семеновна Перевознюк үөрэппиттэр. Бу ФТЛ бастыҥ учууталлара буолаллар, урут да 100 баалы ылбыт үөрэнээччилэри бэлэмнээн таһаарбыттара. Маны тэҥэ, репетитордарга эмиэ дьарыктаммыт.

Дмитрий этэринэн, математикаҕа бэйэтигэр эрэллээх эбит, оттон нуучча тылыгар муҥутуур баалы ылыам дии санаабатах, тоҕо диэтэр, барыллаан туттарыыга 100 баалы ылбатах. Кини эбии дьарыктаабыт учууталларыгар, репетитордарыгар махтанар. Инникитин тэхиньиичэскэй хайысхалаах идэни талыан баҕарар.

Дима ыал улахан оҕото, кыра балыстаах уонна бырааттаах. «Ийэм билигин дьиэтинэн-уотунан дьарыктанар, аҕам тутуу эйгэтигэр үлэлиир», — диэн кини «Якутия-Дэйли» саайтка интервьютугар кэпсээбитэ.

Санатар буоллахха, Ил Дархан ыйааҕынан, 100 баалы ылбыт үөрэнээччилэргэ 100 тыһыынча солкуобай бэриллэр.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

6 часов ago