Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Дмитрий Аммосов, Муома улууһун баһылыга:
— Аһаҕас истиилэри көрдүм, ирэ-хоро дьон санаатын иһиттим. Үчүгэйэ диэн өрөспүүбүлүкэ былааһа, Ил Түмэн дьоҥҥо-норуокка санааларын этэллэригэр кыах биэрбит.
Мин бэйэм санаам диэн, биһиги РФ субъега буолабыт, онон РФ сокуоннарынан олоруохтаахпыт, үлэлиэхтээхпит. Үөрэхтээһин туһунан эттэххэ, оскуоланы 9-с кылааска эрэ диэри босхо үөрэтэллэр диэн сыыһа өйдөбүлү тиэрдэ сылдьаллар, дьиҥинэн, федеральнай сокуоҥҥа сурулла сылдьар – оҕо 1-11 кылаастарга босхо үөрэниэхтээх. Итини хантан ылбыттарын олох билбэппин. Маннык ыарахан кэмҥэ бары биир сомоҕо буолуохтаахпыт — РФ субъега буоларбыт быһыытынан онно сөп түбэһэн, дьаһанан олоруохтаахпыт. Холобур, сууттаһыы эҥин буоллахтарына, улахан суут быһаарыылара барыта федеральнай сокуоннарынан барар.
Бу уопсастыбаннай истиилэр, онно бэлэмнэнэн кэлэн, санааларын эппиттэрэ, эбиитин салгыы хайдах гынары быһаарсыбыттара буоллар өссө ордук буолуо эттэ. Бүгүн биһиги бэрэпиэссэрдэрбитигэр махтаныахпын баҕарабын. Кинилэр хайдах салгыы баран иһиэхпитин сөбүн олус үчүгэйдик быһааран эттилэр. Дьону буккуйуу табыллыбат! Оннооҕор бэйэлэрин туран билиһиннэрбэккэ эрэ, мээнэ хаһыытыы олорор дьон баар, эдэрдэр кытта. Маннык буолуо суохтаах. Арааһа быыбардар чугаһаабыттарынан, түгэни мүччү туппакка, биллэ-көстө охсуохха, баары биллэриэххэ диэнтэн маннык быһыы тахсыан сөп. Сүрүнэ, норуот сөпкө өйдөөн, Бэрэсидьиэммит Владимир Путин тула түмсэн, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын кытта бары биир санаанан барыахтаахпыт. Мин санаам оннук.
Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга мунньуллар биэнсийэлэриттэн 440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…
Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ үгүс дьокутааты…
Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…
“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…
Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…