Дмитрий Апросимовы ахтан-санаан аастыбыт
Атырдьах ыйын 19 күнүгэр «Созвездие» бибилэтиэкэҕэ ураты көрсүһүү буолла. Араас эйгэлээх, идэлээх дьон көрсөн сэһэргэстибит. Сэһэргэһии саха дьонугар үөрүүлээх түгэн. Бу көрсүһүүнү поэт Д.Н.Апросимов уола Ф.Д.Апросимов тэрийдэ. «Созвездие» бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ ыалдьыттары үөрэ көрүстүлэр.
«Созвездие» бибилэтиэкэ улахан Граҥҥа кыайан, ураты тупсаҕай көрүҥнэммит.Сэһэргэһии сүрүн хайысхата уруһуй, мусуой уонна меценатство тула буолла. Филипп Дмитриевич — реставратор, мас ууһа. Олоххо, дьоҥҥо ураты көрүүлээх, олох хас биирдии түгэнигэр тус ырытыылаах киһи. Кини доҕоро, худуоһунньук А.В.Элляев Уус Майаҕа 80-с сылларга бултаммыт тиигири хартыынаҕа ойуулаан бэлэхтээбитин, Филипп Дмитриевич аҕатын аатын үйэтитэр түмэлгэ бэлэх уунан холобур көрдөрдө.Уус-Маайа улууһун Эдьээн нэһилиэгин булчуттара, уссурийскай баабыр тыһыынчанан көһү туораан, Уус Майа сиригэр киирбитин 1905 с. Эдьээн булчуттара бу баабыры сойуолаһан өлөрбүттэрэ уонна губернатор ыйааҕынан харчынан наҕараадаламмыттара устуоруйаҕа кэпсэнэр. Билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускай кыраайы үөрэтэр түмэлигэр хараллан турар.
Бу түгэни Элляев худуоһунньук үйэтитэн, билигин бу үлэ Уус Майа Күп нэһилиэгэр төрөөбүт, поэт Д.Н.Апросимов түмэлигэр биир сүдү ис хоһоонноох хартыына буолара саарбахтаммат. Худуоһунньук А.В. Элляев хас биирдии хартыыната ураты кэпсэллээх эбит. Элляев Альберт Валерианович РФ Худоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, култуура туйгуна, «Сыл бастыҥ айымньылаах уруһуйа» бириэмийэ лауреата.
Уус Майаттан ыалдьыт, поэт Дмитрий Апросимов аатын үйэтитэр түмэл хаһаайката Амалия Андреевна маннык кэрэ бэлэххэ сүрдээҕин үөрдэ, махтанна. Поэт Дмитрий Апросимов иллэҥ кэмигэр хоһоон суруйарын таһынан, айылҕаны уруһуйдуурун сөбүлүүр эбит. Талааннаах хоһоонньут Күп кулуубугар худуоһунньуктуура, сүрдээх үчүгэй хартыыналары уруһуйдуура диэн ахтан санаан ылла.
Бу көрсүһүүгэ А.А.Антипин «Саханефтегаз» хампаанньа сүбэһитэ Филипп Дмитриевич түмэллэргэ холобур буолар үлэтин бэлиэтээн эҕэрдэлээтэ, Добун сурук уонна Уус Майа улууһун эмблемэтэ бэлиэлээх хары чаһытын туттарда. Билигин меценатствонан дьарыктаныы сэдэх кэмигэр Филипп Дмитриевич сэмээр бэйэтин санаатыттан бибилэтиэкэлэргэ, түмэллэргэ өй-санаа баайын үллэстэр киһи. Айылҕаттан дьоҕурдаах реставратор, уус ону таһынан тыл ураты кистэлэҥин уратытык сааһылыыр хоһоонньут. Бу көрсүһүүгэ сыдьан, торумнуур толкуйбар үгүс элбэх санаа элэҥнээн ааһар. Уус Майа сирэ-уота ураты, дьоно-сэргэтэ сүрдээх ыалдьытымсах үтүө дьоннор. Поэт Дмитрий Апросимов төрөөбүт сиригэр Күпкэ айар үлэтэ саҕаламмыта, оҕолоро үс уола Александр, Филипп, Андрей бары үтүө дьон, улуустарыгар хас биирдиилэрэ өрүү көмөлөһө тураллар, улуус тэрээһинигэр бары кытталлар. Аҕаларын сирэ-дойдута сайдыан олус баҕалаахтар.
Маннык үтүө санаалаах дьоннор сир аайы бааллар эрээри аҕыйахтар, кинилэр олус сэмэйдэр.
Худуоһунньуктар хартыыналара олоҕу туоһулуу, хоһоонньуттар хоһоонноро олоҕу үйэтитэ турдун. Ааспыт олох кэрэ түгэннэрин, түмэл, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ үгүс дьоҥҥо өй-санаа дириҥ баайын бэлэхтии турдуннар.
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: