Дмитрий Бердников: «Үөрүүгүтүн тэҥҥэ үллэстэбин!»

Share

Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбит Дмитрий Бердников Горнай улууһун Бэс Күөл сэлиэнньэтин олохтоохторун Элбэх өҥөнү оҥорор киин тутулларынан эҕэрдэлээтэ.

— 2021 сыллаахха мин Бэс Күөлүгэр үлэлээбитим, сэлиэнньэни баһаар кэннэ чөлүгэр түһэрэр ыстаабы салайбытым. Ол кэмҥэ Ил Дархан Айсен Николаев олохтоохтору кытта көрсөрүгэр хаарбах туруктаах оскуола саҥа дьиэтэ уонна элбэх өҥөнү оҥорор киин тутуллуо диэн эрэннэрбитэ. Кини көҕүлээһинин бэрэсидьиэн Владимир Путин өйөөбүтэ. Кулун тутар 18 күнүгэр, Крым Арассыыйаҕа холбоспут историческай суолталаах күнүгэр, Бэс Күөлүгэр  Элбэх өҥөнү оҥорор киин бастакы сыбаайатын номнуо түһэрдилэр. Былырыыҥҥыттан оскуола тутулла турар.

Атамай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо буоларбынан, Бэс Күөлүн олохтоохторун ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэбин! Бу саҥа киин нэһилиэк сайдар, айар биһигэ буолан, ыччакка, эдэр ыалларга туһалаах буолуо диэн эрэнэбин! – диэн Дмитрий Бердников төлөннөөх эҕэрдэтин ыытта.

Дмитрий Бердников билигин Мариуполь куорат аҕа баһылыгын солбуйааччынан үлэлиир.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Петр Иванов: “Сүрүн сорук – эрэллээхтик уотунан хааччыйыы”

Энэргиэтиктэр күннэринэн быйыл тэриллибиттэрэ 60 сылын туолбут “Якутскэнерго” ПАУо  Киин элэктэриичэскэй ситимнэрин салайааччыта Петр Гаврильевич…

24 минуты ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

39 минут ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

2 часа ago
  • Сүрүн

Биллиилээх бэлиитик Виктор Губарев олохтон туораата

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, биллиилээх бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Виктор Губарев олохтон туораабытын туһунан Ил…

2 часа ago