РФ вице-премьерэ Дмитрий Чернышенко Саха сиригэр оробуочай сырыытын кэмигэр киин куоракка «Ирбэт тоҥ саарыстыбата» туристическай комплекска сырытта.
Туризмы сайыннарыы -– эрэгийиэн уонна федеральнай бырабыыталыстыбалар дьоһун суолталаах соруктарыттан биирдэстэрэ.
Дмитрий Чернышенко дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу» национальнай бырайыагы 2030 сылга диэри уһатыыны өйөөбүтүн санатта.
«Өрөспүүбүлүкэ туризмы сайыннарарга национальнай бырайыак үнүстүрүмүөннэрин көхтөөхтүк туһанар. 2023 сылга Саха сиригэр 235 тыһыынчаттан тахса турист сырытта, бу пандемия иннинээҕи кэм таһымын аһарар. 2023-2024 сылларга федеральнай бүддьүөттэн туризмы сайыннарарга 310 мөлүйүөн кэриҥэ суумалаах үп бэриллибитэ. Ону таһынан модульнай гостиницалар баар буолаллар, онтон РФ Туризмҥа корпорацията кыттыылаах Дьокуускайга 150 нүөмэрдээх отель тутуллар. Инфраструктура сайыннаҕына, эрэгийиэҥҥэ өссө элбэх ыалдьыт кэлиэ», -– диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы эттэ.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин ыалдьыттарыгар олохтоох норуоттар хатыламмат култуураларын уонна үгэстэрин, айылҕа кэрэ-бэлиэ сирдэрин билиһиннэргэ бэлэм. Биһиги туристар кэлиилэрин, 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 3 төгүл элбэтэр соругу туруорунабыт», -– диэтэ Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ туризмы сайыннарыы салаатыгар суолун саҥа саҕалыырын бэлиэтээн эттэ. Саха сиригэр туризмы сайыннарыы стратегията бэлэмнэнэр, онно эрэгийиэн уратылара учуоттаныахтара. Стратегияҕа ураты болҕомто экология туризмыгар уонна агротуризмҥа ууруллуоҕа.
Саха сиригэр 23 туристическай оператор үлэлиир, кинилэр 170 тахса хайысхалаахтар. 2023 сыл түмүгүнэн, Саха сирэ «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията» национальнай бырайыак чэрчитинэн федеральнай куонкуруска кыайыылааҕынан тахсыбыта. Кэнники 5 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ туристар кэлиилэрэ 18% элбээтэ.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…