Салгыы
Дмитрий Давыдов «Маяк» киинэ бэстибээлигэр бастыҥ режиссер аатын ылла

Дмитрий Давыдов «Маяк» киинэ бэстибээлигэр бастыҥ режиссер аатын ылла

Ааптар:
11.10.2023, 09:26
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Геленджик куоракка бу күннэргэ «Маяк» киинэ бэстибээлэ буолан бүттэ. Саха сирин режиссера Дмитрий Давыдов устубут «Чума» киинэтэ «Режиссер бастыҥ үлэтэ» диэн номинацияҕа кыайда. Бу туһунан ТАСС суруйар.

«Чума» киинэҕэ төрөппүт уонна оҕо кыһалҕата көстөр. Тыа сиригэр олорор аҥаардас аҕа Иван тыы оҥорон харчылаһар. Киниэхэ ыаллыы олорор эмиэ аҥаардас аҕа Влад кинини сэнээн тахсар. Бу икки эр киһи уонна улаатан эрэр уол оҕо тула араас тыҥааһыннаах киирсиилэр буолалларын туһунан киинэҕэ ойууланар.

Дмитрий Давыдов үлэтинэн Пусаҥҥа сылдьар буолан наҕараадатын сатаан бэйэтэ ылбата.

«Маяк» бэстибээли «Кинопрайм» аныгы кинематограбы сайыннарар пуонда тэрийэн ыыттта. Бу пуонда өйөөбүт үгүс киинэлэрэ Каннаҕа, Венецияҕа, Локарноҕа, Берлиҥҥэ, Роттердамҥа буолбут бэстибээллэргэ кыттан бастыҥнарынан ааттаммыттара.

Бэстибээл кыайыылаахтарыгар үрүҥ көмүс статуэткалары туттардылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: