Хаартыска -- Дмитрий Горомов тиксэриитэ
Ил Дархан сыл аайы Анал этиитигэр араас чопчу соруктары туруорар буолан, ону олоххо киллэриигэ дьулуһан, олох сайдыыта тэтимнээх уонна көхтөөх.
Туризм, урбаан, олохтоох бородууксуйаны батарыы хайысхатыгар тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьар урбаанньыт, «Аччыгый баһаар» ырыынак салайааччыта Дмитрий Громов Ил Дархан Анал этиитин туһунан санаата маннык:
— Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга туризм сайдыытыгар сонун хайысхатын бары өттүттэн толкуйдаан, саҥа сүүрээннэри саҕар тосхолу торумнуурга сорудахтаабытын, бу салааны төрдүттэн билэр, анаан үлэлэһэр киһи буоларым быһыытынан олус сэргии иһиттим.
Айсен Сергеевич үүнэр сылы Оҕо сылынан биллэрбитин бэлиэтээн туран, олохтоох бородууксуйаны тарҕатыыга уонна туризм сайдыытыгар саҥа хайысхалары тобулууга үлэлэһэргэ этиитигэр кэккэ бэйэм санааларбын үллэстиэхпин баҕарабын.
«Тыа хаһаайыстыбатын ураты болҕомтоҕо тутабын. Бу салаа сайдыытыттан тыа сирин олохтоохторун уйгута тупсара эрэ буолбакка, хаачыстыбалаах бородууксуйаттан дьоммут доруобуйата чөл туруктаах буолара эмиэ тутулуктаах» диэн анаан бэлиэтээтэ Ил Дархан.
Бастатан туран, социальнай оҕо тэрилтэлэригэр анаммыт «госзакупкаларга» олохтоох оҥорон таһаарар бородууксуйанан хааччыллыыны ирдэбилгэ туруоруохха наада. Оччотугар оҕолорбут уһуйааннарга уонна оскуолаларга бэйэ этин, үүтүн, оҕуруотун аһынан аһыа этилэр. Ити олоххо баар эрээри, кыралаан киирэн эрэр.
Аны Саха сиригэр туризмы сайыннарыы тосхолун саҥардыыга тыа сиригэр тэтимнээхтик сайдан эрэр агротуризм хайысхатыгар ураты болҕомто ууруллара эрэйиллэр. Төһөнөн элбэх саха ыала тыа хаһаайстыбатынан дьарыктанар, ыалдьыттары көрсүү таһымын үрдэтэр да, үлэ миэстэтэ тахсыа, эбии дохуот үрдүө этэ. Ол эбэтэр ити хайысханы сайыннарыыга ылсыбыт киһи сонунтан сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэргэ дьулуһуо этэ. Мин ону чопчу билэбин. Ол курдук, Чемезовтар, Ионовтар, Яковлевтар курдук тыа сирин ыаллара номнуо федеральнай граннары туһанан, үлэлиир хайысхаларын кэҥэтэр соруктаахтар. Ити курдук, бэйэ-бэйэлэриттэн уопут атастаһан, Дьиэ кэргэн сылыгар эһиил бэрт үгүс хамсааһын тахсарыгар эрэнэбин уонна ону өйүүргэ бэлэммин.
Силиэстийэлиир кэмитиэтин (СК) баһылыга РФ Бэрэсидьиэнин быһа сибээһигэр этиллибит Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторун бырааптара кэһиллибитин туһунан…
Саҥа дьыллааҕы сиэр-туом хаһааҥҥыттан олохсуйбута биллибэт эрээри, дьон тутуһар: 1.Үүнэр сылга харчы кыһалҕата кыһарыйбатын туһугар,…
Ил Дархан Айсен Николаев оҥорон таһаарыы уонна туһаныы бөҕүн-сыыһын, ол иһигэр кытаанах тобохтору (КТ) хомуйуу…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, РФ Бэрэсидьиэнин Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин түмүктэринэн Саха…
Бу сыл ахсынньы 18 күнүгэр Уус-Маайа улууһун суута Элдьикээн бөһүөлэгин олохтооҕор РФ ХК 111-с ыстатыйатын…
Былаас бэрэстэбиитэллэрэ, бырамыысыланнас хампаанньаларын салайааччылара уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтара хамсанар кыахтарын сүтэрбит буойуннарга көмө оҥоруутун…