Дмитрий Громов: «Бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыны өйүүргэ үгүс барыл торумнанна»

Share

Ил Дархан сыл аайы Анал этиитигэр араас  чопчу соруктары туруорар  буолан, ону олоххо киллэриигэ дьулуһан, олох сайдыыта тэтимнээх уонна көхтөөх. 

Туризм, урбаан, олохтоох бородууксуйаны батарыы хайысхатыгар тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьар урбаанньыт, «Аччыгый баһаар» ырыынак салайааччыта Дмитрий Громов Ил Дархан Анал этиитин туһунан санаата маннык:

— Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга туризм сайдыытыгар сонун хайысхатын бары өттүттэн толкуйдаан, саҥа сүүрээннэри саҕар тосхолу торумнуурга сорудахтаабытын, бу салааны төрдүттэн билэр, анаан үлэлэһэр киһи буоларым быһыытынан олус сэргии иһиттим. 

Айсен Сергеевич үүнэр сылы Оҕо сылынан биллэрбитин бэлиэтээн туран, олохтоох бородууксуйаны тарҕатыыга уонна туризм сайдыытыгар саҥа хайысхалары тобулууга үлэлэһэргэ этиитигэр кэккэ бэйэм санааларбын үллэстиэхпин баҕарабын.

«Тыа хаһаайыстыбатын  ураты болҕомтоҕо тутабын.  Бу салаа сайдыытыттан  тыа сирин олохтоохторун уйгута тупсара эрэ буолбакка, хаачыстыбалаах бородууксуйаттан дьоммут доруобуйата  чөл туруктаах буолара эмиэ тутулуктаах» диэн анаан бэлиэтээтэ Ил  Дархан.

Бастатан туран, социальнай оҕо тэрилтэлэригэр анаммыт «госзакупкаларга» олохтоох оҥорон таһаарар бородууксуйанан хааччыллыыны ирдэбилгэ туруоруохха наада.  Оччотугар оҕолорбут уһуйааннарга уонна оскуолаларга бэйэ этин, үүтүн, оҕуруотун аһынан аһыа этилэр. Ити олоххо баар эрээри, кыралаан киирэн эрэр.

Аны Саха сиригэр туризмы сайыннарыы тосхолун саҥардыыга  тыа сиригэр тэтимнээхтик сайдан эрэр агротуризм хайысхатыгар ураты болҕомто ууруллара эрэйиллэр.   Төһөнөн элбэх саха ыала тыа хаһаайстыбатынан дьарыктанар, ыалдьыттары көрсүү таһымын үрдэтэр да,  үлэ миэстэтэ тахсыа, эбии дохуот үрдүө этэ. Ол эбэтэр ити хайысханы сайыннарыыга ылсыбыт киһи сонунтан сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэргэ дьулуһуо этэ.  Мин ону чопчу билэбин.  Ол курдук, Чемезовтар, Ионовтар, Яковлевтар курдук тыа сирин ыаллара номнуо федеральнай граннары туһанан, үлэлиир хайысхаларын кэҥэтэр соруктаахтар. Ити курдук, бэйэ-бэйэлэриттэн уопут атастаһан, Дьиэ кэргэн сылыгар эһиил бэрт үгүс хамсааһын тахсарыгар эрэнэбин уонна ону өйүүргэ бэлэммин. 

Дойду таһымыгар Саха сирин аһын амтана туризм хайысхатын сайыннарыыга биир сүрүн кэскиллэхх саҕах быһыытынан билиннэ. Бу олус улахан ситиһии. «Аччыгый баһаар» ырыынак өйөбүлүнэн үлэлиир урбаанньыттар 49 араас хаһаайыстыбалара  быйыл бэйэлэрэ оҥорон таһаарар бородуксуйаларын батаран, 950 мөлүйүөн солкуобайдаах дохуоту киллэрдилэр. Бу улахан хамсааһын. Онон биһиги ырыынакпыт олохтоох бородууксуйаны батарыыга өйөбүл буолан, үлэ миэстэтин таһаарыыга көдьүүстээх үлэни тэрийдэ. 

Сылы түмүктүүр күннэргэ Ил Дархан Анал этиитэ инники соруктары торумнуурга, саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ «күөх суолу» аһан биэрэр. Ол иһин биһиги бу эппиэттээх тэрээһини туох эрэ саҥаҕа, сонуҥҥа кынаттанаары кэтэһэбит. 

 

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2026 сылга үлэ тосту уларыйыа. Үлэһиттэр уонна үлэ көрдөөччүлэр туохха бэлэм буолуохтаахтарый?

Күн бүгүҥҥүттэн  үлэ күнүн кыраапыгын оҥоһуу өй (ИИ) былаанныан сөп. Үлэ эйгэтэ олус түргэнник уларыйан,…

9 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай киинигэр дьону кырбаабыт ыччаты көрдүүллэр

Дьокуускай киинигэр Киров уулуссаҕа баар түүҥҥү аралдьытар тэрилтэ аттыгар түөрт киһи икки уолу кырбаабыттар. Бэрэбиэркэ…

39 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Чысхаан уонна Дьыл Оҕуһа туох атыннаахтарый?

Тымныы полюһа Өймөкөөн Тымныытын сирэйдиир икки мэҥэ бэлиэ баар – Дьыл оҕуһа уонна Чысхаан. Тымныы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Ил Дархан Айсен Николаев Сергей Фурсенколыын  көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга оробуочай сырыытынан кэлбит «Газпромбанк» АУ вице-бэрэсидьиэнинэн, «Үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө»…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сергей Местников: «Тыллар араастарын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга систиэмэлээх үлэ ыытыллар»

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, дойду Бэрэсидьиэнин Владимир Путин быһа эпиирин кэннэ, өрөспүүбүлүкэҕэ култууралар…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бастрыкин  ОДьКХ эйгэтигэр олохтоохтор бырааптара кэһиллибитин бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаата

Силиэстийэлиир кэмитиэтин (СК) баһылыга РФ Бэрэсидьиэнин быһа сибээһигэр этиллибит Саха Өрөспүүбүлүкэтин  олохтоохторун бырааптара кэһиллибитин туһунан…

2 часа ago