Дмитрий Громов — «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын дириэктэрин солбуйааччыта

Дмитрий Громов — «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын дириэктэрин солбуйааччыта

04.03.2024, 09:26
Хаартыска -- Дмитрий Громов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын уонна территориальнай маркетинг дириэктэринэн үлэлээбит Дмитрий Громов «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын дириэктэрин солбуйааччынан ананна. 

Ил Дархан Айсен Николаев Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи отделениетын попечительскай сэбиэтин састаабыгар уларытыылары киллэрбитэ. Ол састаапка Дмитрий Громов   «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын дириэктэрин солбуйааччынан быһыытынан киирбитэ.  Кэскиллээх салайааччы саҥа дуоһунаһыгар «Өлүөнэ очуостара»  национальнай паарка иһинэн туризм сайдыытыгар эппиэттиэҕэ, туристары кытта үлэни сүрүннүөҕэ.

Саха сиригэр туризм салаатын сайыннарыыга эппиэттээх  Дмитрий Громов кылгас кэм иһигэр  ааҕыныстыба салайааччытынан бэрт тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук, кини үлэлиир кэмигэр туризм сонун хайысхалара арыллыбыттара, эбийиэктэр тутуллубуттара. Федеральнай бүддьүөттэн  240 мөлүйүөн солкуобайы тардан, үгүс урбаанньыт грант көмүскээн, тустаах үбүнэн туһаммыттара.

Сарсын, кулун тутар 5 күнүгэр,  кыһыҥҥы кэмҥэ иһийэн турбут «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатыгар бастакынан суруналыыстар бөлөхтөрө тиийэн, айылҕа национальнай  пааркатын үлэтин,  сонун сүүрээннэри кытта билсэн  баран, киэҥник сырдатыахтара. Кулун тутар ортотуттан  Өлүөнэ очуостарыгар олохтоох дьонтон саҕалаан, соҕуруу араас куораттартан эрдэттэн бэлэмнэммит үтүмэн турист халҕаһалыы субуллуоҕа.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: