Дмитрий Громов: «Туризмы сайыннарыыга бренд суолтата олус улахан»

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ис туризм сайдыытын уонна эрэгийиэн аайы бренд сайдыытын туһунан этиитин бу эйгэҕэ үлэлиир дьон биһирии ылыннылар.

Тыа сирин олохтоохторо бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын атыылыыр «Аччыгый баһаар» кэпэрэтиип-ырыынагы тэрийээччи Дмитрий Громов санаатын маннык үллэһиннэ:

Дойду бэрэсидьиэнэ туризм салаата бэрт тэтимнээхтик үлэлиирин бэлиэтээбититтэн, мин бу эйгэ сайдыытыгар үгүс сырабын биэрбит киһи олус үөрдүм. Өссө балаҕан ыйыгар Владимир Путин Чукотскай кыраай, Саха сирэ уонна Магадаан уобалаһа туризмы сайыннарыыга бары кыахтарын туһаналлар диэн этэн турар. Мин, туризм бары салаатын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир киһи, дойду бэрэсидьиэнэ бу эйгэҕэ улахан болҕомтотун уурарын уонна өрүү өйүүрүн билэбин. Туризм дойдубут сайдыытын  биир кэскиллээх  хайысхатынан буолар. Биллэн турар, бу эйгэҕэ тэтимнээх үлэни тэрийии үгүс сыраны, бириэмэни эрэйэр. Онон, бастатан туран, уопутура да таарыйа, бастаан бэйэбит Сахабыт сирин туристарын кэрэхсэтэн, билигин үлэлии турар туристическай маршруттары күүстээхтик сырдатыахха, билиһиннэриэххэ наада. Онтон кэлин ол бренд өрөспүүбүлүкэ таһыттан кэлэр туристары тардыаҕа. Билигин тымныыбытын, Тымныы полюһун Өймөкөөн Чысхаанын бренд оҥорон, тыйыс тымныыны эт хараҕынан көрөөрү, ураты амтаннаах аспытын амсайаары уонна этиэхтэн кэрэ айылҕабытын илэ бэйэтин көрөөрү, тохсунньу бытарҕан тымныытын, ыраах айаны аахсыбакка, араас дойдуттан туристар анаан кэлэллэр. Туризмы сайыннарыыга бренд суолтата олус улахан. Онон атын да туристическай маршруттарбытын бренд оҥорор уолдьаста.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

35 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago