Дмитрий Хоютанов: “Оҕонньоттору оонньуурум тоҕо эрэ табыллар”
Дмитрий Хоютанов – эдэр, кэскиллээх артыыстартан биирдэстэрэ. Кини сыанаҕа да, киинэҕэ да оонньообут оруолларын көрбүт киһи умнубат, оннук курдук киһини тардар ис күүстээх. Дьиҥ сахалыы дүһүннүүн, быһыылыын-таһаалыын Айыы бухатыырдарын оонньуурга анаммыкка дылы…
Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх. Оҕо сааһа Одьулуунтан чугас Үрэх Күөрэ сайылыкка ааспыта. Бу учаастакка 4 кылаастаах оскуола баар. Онон орто оскуоланы Төлөйгө эдьиийигэр олорон бүтэрбитэ. Ийэтэ сааһын тухары атыыһыт, аҕата хачыгаар, билигин биэнсийэҕэ тахсан, сүөһү-сылгы ииттэн, сайылыктарыгар олороллор. Хоютановтар үс оҕолоохтор, Дмитрий – кыралара.
Оскуоланы бүтэрэн баран, дьэ, “ханнык идэни талабын?” диэн боппуруос турбута. Оҕо эрдэҕиттэн култуура эйгэтигэр тардыһара да, булгуччу артыыс буолабын диэн билбэт этэ. Онуоха сыанаҕа хоһоон аахтарар, кэмпириэнсийэлэргэ кытыннарар учууталларыгар махтана саныыр. Оскуолаҕа И.Н. Макаров салайааччылаах театральнай куруһуок үлэлиирэ, онно кыра испэктээктэргэ, сыаҥкаларга оонньуура. Ол олук уурбут буолуон сөп.
Докумуоннарын Арктикатааҕы култуура, ускуустуба институтугар туттаран, киирэн хаалбыта. Көрдөөх-нардаах доҕоттор, уопсай бэһиэлэй олоҕо, устудьуон дьоллоох сыллара элэҥнээн ааспыттара…
“Оруол сэттээх дииллэрин итэҕэйбэппин”
– Дэриэбинэттэн кэлбит оҕолор тыйаатырга сылдьарбыт, испэктээктэри көрөрбүт ураты турукка киллэрэрэ. Учууталларбыт, холобур оҥостор дьоммут Ефим Степанов, Петр Баснаев киэһэтин сыанаҕа оонньуу сылдьалларын көрөр олус долгутуулааҕа. 4-с куурустан төрдүө буолан, Олоҥхо тыйаатырыгар киирбиппит, испэктээктэргэ оонньоон барбыппыт.
Режиссер Матрена Корнилова “Дьырыбына Дьырылыатта” испэктээккэ абааһы уолун – Хахсаат Буурай оруолун биэрбитигэр, олус долгуйбутум, “кыайыам дуо, табыллыа дуо” диэн саарбахтаабытым. Кини олоҥхо эйгэтигэр умсугуппутугар, итэҕэйэн-эрэнэн бастакы улахан оруолбун биэрбитигэр, үөрэппитигэр-такайбытыгар махталым муҥура суох.
– Олоҥхо драмаҕа оонньуурдааҕар туох уратылааҕый?
– Атын тыйаатырга үлэлээбэтэх буоламмын, тэҥнээн көрөр кыаҕым суох. Миэхэ тус бэйэбэр драманы оонньуур быдан ыарахан. Олоҥхо – эпическэй, улахан айымньы буолан, хамсаныы-имсэнии омуннаах, күүстээх. Драмаҕа итинник туттан-хаптан оонньуур табыллыбат, хайдах эрэ күлүүлээх баҕайы курдук буолуо.
– Эн Улуу Кудаҥса, Улуу Даарын курдук улахан уустук оруоллары оонньуугун…
– “Кутталлаах оруолларга көҥүл ылбатахха, сэттээх” диэн эҥин этиилэргэ итэҕэйбэппин. Артыыс идэтэ – атын дьону үтүктэн көрдөрүү буоллаҕа. Оруол ананна да, оонньуубун, толлон турбаппын. Улуу Кудаҥсаны – эдэр, орто саастаах уонна кырдьаҕас эрдэҕинээҕитин үс киһи оонньуур. Миэхэ кырдьаҕас оруола түбэспитэ. Баҕар, соҕотоҕун оонньуурум ыарахан буолуо этэ. Бары көмөлөсүһэн, сүбэлэһэн оонньообуппут, ол иһин табыллыбыта.
“Улуу Даарыны” Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар стадиоҥҥа аан бастаан көрдөрбүппүт. Сэтинньи 25 күнүгэр тыйаатыр сыанатыгар сөп түбэһэр курдук бэлэмнээн, Дьокуускайга көрдөрөөрү сылдьабыт.
Олоҥхо диэн судургу буолбатах
– Оттон эн, эдэр киһи, кырдьаҕас киһи оруолун хайдах оонньуугун?
– Ханнык баҕарар артыыска амплуа диэн баар. Бу артыыс оҕону, кырдьаҕаһы дуу, абааһыны дуу ордук табыллан оонньуура эрдэттэн биллэр. Миэхэ эдэр эрдэхпиттэн оҕонньор оруолун оонньотоллоро табыллар этэ. Өй-санаа өттүнэн режиссердар күүскэ үлэлииллэр. Улуу Кудаҥсаны Саха тыйаатырыгар учууталым Ефим Степанов оонньообута. Ону көрөн-истэн, үтүктэн үөрэннэҕим дии. Эдэр буоламмын, кырдьаҕас оруолун үтүктэр эрэ буоллаҕым. Онон бэйэм айбатах оруолум, баҕар, тугу эбит эппитим буолуо…
– Саамай уустук оруолуҥ ханныгый?
– Режиссер Андрей Борисов: “Эн абааһыгын, эйиэхэ туох барыта көҥүллэнэр” диэччи. Онон сыанаҕа хайдах туттарым-хаптарым, төкүнүйэрим, кулахачыйарым – көҥүлүм. Биһиги режиссердарбыт импровизацияны сүрдээҕин көҥүллүүллэр, мэниктиирбитин да боппоттор, онон бэйэҕин көрдөрүөххэ, арыйыахха сөп. Оттон Айыы бухатыырын оонньуурга оннук гынар көҥүллэммэт. Хааччахтардаах буолан, Улуу Даарыны оонньуурбар ыарахан этэ.
– Оруолгар хайдах, төһө өр киирэҕин?
– Аан бастаан остуол тула төгүрүччү олорон, оруолларбытын ааҕабыт, матыыптарын толкуйдуубут, ырытыһабыт. Ол онно оруол хайдах буолуохтааҕа ырылыччы көстөн кэлэр. Сыанаҕа элбэхтик хамсанан, хааман көрдөхпүнэ, түргэнник киирэбин. Бастаан оруол дьардьамата баар, элбэхтик хатылаатаххына, эттэнэн-сииннэнэн тахсан иһэр. Сорохтор бастаан тылларын, матыыптарын үөрэтэллэр, оттон мин хамсаннахпына сатанар. Бу саҥаран баран, маннык туттуохтаах, манан хаамыахтаах диэн. Саҥа испэктээккэ күүстээх бэлэмнэнии 3-4 ый устата барар.
Уопсайынан, олоҥхону туруорар ыарахан. Сюжета, дьиҥэ, биир курдук – Кэрэ Куону абааһы уола уоран барар, ону Айыы бухатыыра быыһыыр. Ис-иһигэр киирдэххэ, тылыгар-өһүгэр, ымпыгар-чымпыгар болҕомто уурдахха, олоҥхолор бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспаттар, туох эрэ ураты көстүүнү, кыһалҕаны таарыйаллар.
Ол курдук, дириҥник ылан көрдөххө, олоҥхоҕо орто, үөһээ дойдулар олохтоохторо бары үчүгэйдэр, аллараа дойду абааһылара бары куһаҕаттар диэн буолбатах эбит. Мин урут итинник татым өйдөбүллээх этим, “Дьырыбына Дьырылыаттаҕа” оонньоон баран, санаам тосту уларыйбыта. Айыы дьонугар да куһаҕан санаалаахтар, абааһыларга да үчүгэйгэ тардыһыылаахтар бааллар. Абааһы тоҕо кыыһы уорар? Кини да кэрэни кэрэхсиир, аны туран, үйэ тухары сир анныгар хаайтаран олорон, хаан тупсарыыта эмиэ наада. Оттон Үрүҥ Уолантаайы (Үрүҥ Аар Тойон уола) хайдах курдук бардамый, Дьырыбынаны сиэрэ суох хам баттыан баҕарар. Бу оруолу Саарын бэркэ толорбута. Онон олоҥхо олох көстүүлэрин кытары хоһулаһар.
“Дьырыбына Дьырылыаттаны” Индияҕа баран тылбааһа суох көрдөрбүппүт. Тыыммакка да олорон көрбүттэрэ, ойон туран, 15 мүнүүтэ ытыстарын таһыммыттара, сыанаттан ыытыахтарын баҕарбатахтара. “Улуу Кудаҥсаны” Грецияҕа амфитеатрга көрдөрбүппүт. Эмиэ оннук хартыына. Олоҥхоҕо аан дойду дьонугар барыларыгар тылбааһа да суох өйдөнөр кыһалҕаларбыт, олох үтүө-мөкү өрүттэрэ ойууланан сылдьаллар.
– Оттон киинэҕэ хайдах уһуллубуккунуй?
– Константин Тимофеев киинэ эйгэтигэр сирдээн киллэрбитигэр олус махтанабын. “Бэйбэрикээн” остуоруйа буолан, олоҥхоҕо маарынныыр, онон табыллыбыта. Оттон “Холодное золото” киинэҕэ дьиҥ олохтон оонньуур ыарахан этэ. Онно Баанньа Боппуогу – сүрүн дьоруой уолун оонньообутум. Кыһын, бытарҕан тымныыга уһуллубуппут. Хамаанданан үлэҕэ, киинэ эйгэтигэр кыттыһыы интэриэһинэй этэ, бу үлэттэн астыммытым.
Инникитин да, ыҥырдахтарына, киинэҕэ оонньуом этэ. Кэмиэдьийэҕэ оонньууру сатаабаппын, ол быдан ыарахан да буоллар, син холонон көрүөххэ сөп.
“Мин дьоллоохпун!”
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түс эрэ…
– Кэргэним Екатерина эмиэ артыыс, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үлэлиир. Аман 6 саастаах. Уолбутун сахалыы иитэ сатыыбыт. Сороҕор уһуйаантан буккуллан кэлэр, нууччалыы саҥардаҕына, өйдөөбөтөҕө буолабын. Бобор, хааччахтыыр эмиэ сыыһа, кыаҕын сабан кэбиһэҕин. Онон төрөппүт сөпкө хайысхалаан биэриэхтээх.
Кэргэммин кытары дьиэбитигэр үлэ туһунан кэпсэтэ сатаабаппыт, оруолбутун хатылаабаппыт. Наар кэлии-барыы, саас ыйы ыйынан гостуруол буолар. Эрэпэтииссийэлэр, испэктээктэр киэһэ хойукка диэри буолаллар. Онон дьиэбитигэр өрүүр күммүтүгэр ас астанан баран, үчүгэй киинэ көрө-көрө кэпсэтэрбитин, сынньанарбытын сөбүлүүбүт.
– Үлэҥ таһынан туох дьарыктааххыный?
– 3D графиканан, видеомонтаһынан үлүһүйэн испитим. Социальнай ситимнэргэ “мааскалары”, кыра оонньуулары, мультиктары оҥорор этим. Кэнники тохтоон хааллым, дьиҥэ, сайыннарыахха баара… Куоракка кэлэн баран, булт-балык өттүгэр эмиэ мөлтөөтүм. Дьиҥэ, балыктыырбын сөбүлүүбүн. Куска уруккуттан да сылдьыбат киһибин.
– Үлэттэн дьоллонуу диэн тугун билэн эрдэҕиҥ…
– Киһи сөбүлүүр идэтин буллаҕына, үйэтин тухары биир да күн үлэлээбэт дииллэр дии. Мин үлэбин олус сөбүлүүбүн, күн аайы үөрэ-көтө барабын: туох эрэ саҥаны билиэм, саҥаны айыам-тутуом диэн. Өр үлэлээбэтэхпинэ, тыыным-быарым хаайтарбытынан барар. Артыыс иэйиитин таһаарыан, сыанаҕа тахсыан баҕарар. Саамай үчүгэй түгэннэр – испэктээк буолуон иннинээҕи долгуйуу уонна, бүппүтүн кэннэ, ытыс тыаһа… Эн иэйиигин бүтүннүү таһааран баран, дьон үөрүүтүн, эниэргийэтин төттөрү ылаҕын. Артыыска ол адреналин курдук, оннукка наадыйар буолан хаалаҕын. Таптыыр үлэлээхпинэн, иэйэр-айар кыахтаахпынан, аттыбар чугас дьонум баалларыттан дьоллоохпун дэнэбин…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: