Дмитрий Коркин аатынан турнирга киирбит харчыны байыаннай дьайыыга ыытыахтара

Share

Дмитрий Коркин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга атыыламмыт билиэттэртэн киирбит харчыны анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүргэ ыытыахтара.

Бу туһунан алтынньы 25 күнүгэр «Триумф» Саха сирин хамаандаларын успуорка бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрэ Михаил Пахомов иһитиннэрдэ.

«Билигин биһиги байыастарбытыгар көмө олус наадалаах, онон Дмитрий Коркин аатынан турнирга киирбит харчыны, 1 мөл. 150 тыһ. солк. анал байыаннай дьайыыга ыытабыт. Маннык элбэх суума харчы төһө даҕаны сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор, успуорт бэтэрээннэрэ уонна биэнсийэлээхтэр босхо сылдьыбыттарын үрдүнэн киирдэ. Бу тэрээһини ыытыыга кыттыбыт бар дьоҥҥо — спортсменнарга, ыалдьааччыларга уонна Дмитрий Коркин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы турнир тэрийээччилэригэр  улахан махталбытын тиэрдэбит!» ,- диэтэ Михаил Пахомов.

Санатан эттэххэ, Арассыыйаттан киэҥ далааһыннаах турнирга 190 спортсмен кытынна.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago