Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Дмитрий Коркин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга хас биирдии ыйааһыҥҥа спортсмены кытыннарыаҕа.
Хамаандаҕа көҥүл тустуу 80-ча бөҕөһө талылынна. Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорка хамаандалары бэлэмниир киин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр. Кылаабынай тириэньэр Вадим Семенов салалтатынан Саха сирин уопуттаах уонна кэскиллээх бөҕөстөрө тустуохтара.
Хамаандаҕа сүүмэрдэммит хамаандалар лидердэрэ, ол иһигэр быйылгы Арассыыйа чөмпүйэнээтин финалиһа, эдэрдэргэ Европа чөмпүйүөнэ, аан дойду первенствотын үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына Лев Павлов (57 кг) киирдэ. Былырыыҥҥы турнир финалистара Константин Капрынов (70 кг), Роман Николаев (79 кг), Ньургун Сергин (92 кг) эмиэ бэйэлэрин уопуттарын көрдөрүөхтэрэ.
57 кг: Лев Павлов, Николай Охлопков, Федор Постников, Петр Адамов, Александр Эмидак, Егор Явловский, Кэскил Семёнов, Денис Игнатьев, Владимир Майоров, Арсен Кондратьев, Айсен Иванов, Анатолий Иванов, Валерий Андросов, Юрий Анисимов, Феликс Неустроев, Дархан Каримов, Дьулус Петров, Данил Мохначевский, Ярослав Осипов, Юрий Винокуров, Михаил Осипов, Алексей Фокинов.
61 кг: Виктор Яковлев, Артём Слепцов, Уйгулаан Иванов, Александр Авелов, Ньургун Терентьев, Михаил Иванов, Петр Константинов, Манчаары Ильинов, Николай Заболоцкий, Валентин Бурнашев, Ярослав Яковлев, Юрий Винокуров, Владислав Макарцов, Александр Егоров, Владимир Пинигин, Николай Жирков, Ян Катакинов.
65 кг: Эдуард Попов, Василий Григорьев, Дьулусхан Тотонов, Юлиан Григорьев, Аслан Трофимов, Эрчим Дьячковский, Арсен Кононов, Степан Охлопков, Александр Болуров, Павел Алексеев, Константин Слепцов, Эрэл Леонтьев.
70 кг: Константин Капрынов, Олег Фомин, Айсен Потапов, Игорь Матвеев, Давид Чириков, Иннокентий Антонов, Ариан Оконешников, Иван Потапов, Вячеслав Слепцов, Гаврил Варламов, Вадим Винокуров, Дамир Шевелев, Дамир Попов.
74 кг: Албан Аввакумов, Николай Сивцев, Тимур Николаев, Анатолий Никитин, Иннокентий Бабаранов, Андрей Румянцев, Алексей Захаров.
79 кг: Роман Николаев, Артур Говоров, Михаил Павлов.
86 кг: Андриан Ленский, Виталий Ефремов, Владислав Романов, Борис Гаврильев, Адам Николаев.
92 кг: Ньургун Сергин, Степан Иванов.
97 кг: Максим Толмачев, Никита Софронов.
125 кг: Никита Хабаров, Михаил Нестеров, Евгений Аронов.
Дмитрий Коркин аатынан турнир алтынньы 19-20 күннэригэр «Триумф» успуорт уораҕайыгар аан дойду 15 дойдутуттан, итиэннэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн араас тустууктары түмүөҕэ. Күрэхтэһии кыайыылаахтара 200 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланыахтара.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…