Дмитрий Коркин турнирыгар киирбит харчыны байыаннай дьайыыга ыыттылар

Share

 РСФСР, ССРС уонна ЯАССР үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Коркин аатынан XV норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустуу турнирыгар билиэттэри атыылаан 1,15 мөл. солк. киирбит харчыны анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүргэ ыыттылар.

Үбү-харчыны Физическэй култуураҕа уонна успуорка министрэ Леонид Спиридонов Донбасска көмөлөһөр уонна өйүүр Хотугулуу-илиҥҥи пуонда салайааччытыгар Георгий Куркутовка туттарда.

Биэдэмистибэ салайааччыта бэлиэтээбитинэн успуорт уопсастыбаннаһа дойду көмүскээччилэригэр өйөбүлү мэлдьи оҥорор.

Санатан эттэххэ, Дмитрий Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир бу сыл алтынньы 21 күнүгэр түмүктэммитэ. Быйылгы күрэхтэһиигэ Арасыыйаттан 190  уонна тас дойдуттан 12 спорстмен кыттыбыта. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата икки кыһыл, биир үрүҥ көмүс уонна үс боруонса мэтээли ылбыта.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Экологическай дьыктаан ыытыллыаҕа

Ахсынньы 5 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан буолуоҕа. Дьыктаан сыала-соруга…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» түөлбэлэри хааччыйыаҕа.…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга Дьааҥыга халаан уутуттан көмүскүүр тутууну саҕалыахтара

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

32 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

45 минут ago