Дмитрий Лепчиков: «Буойуттары үрдүк технологиялаах тэриллэринэн хааччыйарга дьулуһабыт»
Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Николаевич Лепчиков ыыппыт брифинин кэмигэр Саха сириттэн быстах ыҥырыынан сулууспалыыр буойуттар байыаннай дьайыы усулуобуйатыгар көмүскэнэллэригэр көдьүүстээх үрдүк технологиялаах тэриллэринэн хааччыйыы үлэтэ бара турарын кэпсээтэ.
— Быстах ыҥырыынан сулууспалыы сылдьар буойуттарбытын байыаннай дьайыы усулуобуйатыгар көмүскэниигэ көдьүүстээх тэриллэринэн эбии хааччыйыыга үлэлиир СӨ Суһал ыстааба ылыммыт быһаарыытынан байыастарга үрдүк технологиялаах тэриллэри булан ыытыахтаахпыт. Ол быһыытынан, бастатан туран, көмүскэнии техничэскэй сириэстибэлэрин уонна сибээс ханаалларын туораттан киирэн истиини мэһэйдиир тэриллэри, бойобуой соруктары ситиһиилээхтик толорууга көмөлөөх онтон да атын техничэскэй тэриллэри ылан, байыаннайдарга тиксэрэр соруктаах үлэлии сылдьабыт.
Саха сиригэр үлэлии турар тирэх пууннарга уонна ол иһигэр ДНӨ сиригэр баар пууннарга үлэһиттэри солбуйуу былааннаах үлэтэ саҕаланна. Билигин биһиги Саха сириттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоммутун бойобуой усулуобуйаҕа көдьүүстээх эбии тэриллэринэн хааччыйыыга үлэлиир тирэх пууннарга күүскэ көмөлөһө олорор өрөспүүбүлүкэ олохтоох салайыныытын уорганнарын кытта бииргэ үлэлээһиммитин өссө күүһүртүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: