Дмитрий Лепчиков: «Буойуттары үрдүк технологиялаах тэриллэринэн хааччыйарга дьулуһабыт»

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Николаевич Лепчиков ыыппыт брифинин кэмигэр Саха сириттэн быстах ыҥырыынан сулууспалыыр буойуттар байыаннай дьайыы усулуобуйатыгар көмүскэнэллэригэр көдьүүстээх үрдүк технологиялаах тэриллэринэн хааччыйыы үлэтэ бара турарын кэпсээтэ.

— Быстах ыҥырыынан сулууспалыы сылдьар буойуттарбытын байыаннай дьайыы усулуобуйатыгар көмүскэниигэ көдьүүстээх тэриллэринэн эбии хааччыйыыга үлэлиир СӨ Суһал  ыстааба  ылыммыт быһаарыытынан байыастарга үрдүк технологиялаах тэриллэри булан ыытыахтаахпыт. Ол быһыытынан, бастатан туран, көмүскэнии техничэскэй сириэстибэлэрин уонна сибээс ханаалларын туораттан киирэн истиини мэһэйдиир тэриллэри, бойобуой соруктары ситиһиилээхтик толорууга көмөлөөх онтон да атын техничэскэй тэриллэри ылан, байыаннайдарга тиксэрэр соруктаах үлэлии сылдьабыт.
Саха сиригэр үлэлии турар тирэх пууннарга уонна ол иһигэр ДНӨ сиригэр баар пууннарга үлэһиттэри солбуйуу былааннаах үлэтэ саҕаланна. Билигин биһиги Саха сириттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоммутун бойобуой усулуобуйаҕа көдьүүстээх эбии тэриллэринэн хааччыйыыга үлэлиир тирэх пууннарга күүскэ көмөлөһө олорор өрөспүүбүлүкэ олохтоох салайыныытын уорганнарын кытта бииргэ үлэлээһиммитин өссө күүһүртүбүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

2 минуты ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

21 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

50 минут ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

2 часа ago