Дмитрий Лепчиков: «Уматык сыанатын бигэтитиини күүтэбит»

Share

СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистир Дмитрий Лепчиков ньиэп бородууктатын ырыынагар сыананы бигэтитиини Арассыыйа бырабыыталыстыбата ылыммыт дьаһалларын сылыктаата. 

Кини этэринэн, биржаҕа сыана динамиката үрдээбитинэн, Саха сиригэр атыыланар уматык сыаната үрдээбит.

« Бу сылга ньиэп бородууктатын навигация хааччахтаах болдьоҕор атыылаһыллар кэмигэр  (муус устартан балаҕан ыйыгар диэри) тохтоло суох үүнүү  Санкт-Петербургтааҕы табаар биржатыгар көһүннэ. Онон ситимнээн атыылаһыллар сыана ортотунан 30% эмиэ үрдээтэ», – диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Лепчиков.

Кини этэринэн, «Саханефтегазсбыт» тиһэҕэр диэри сыананы тутан олорбут. Сыананы, экэниэмикэни учуоттаан туран, тэрилтэҕэ сыана 10% үрдээбэт гына уларытарга быһаарыныы ылыммыт.

Балаҕан ыйыгар Росстат дааннайынан, Саха сириттэн ураты дойду 70-тан тахса эрэгийиэнигэр, сыананы тутан олоруу түмүгүнэн, атыыланыы сыанатыгар 30% үрдээбитин көрдөрбүт.  Манан сибээстээн Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар ньиэп бородууктатын экспортын хааччахтыыр миэрэлэр ылыллыбыттар. Балаҕан ыйын үһүс дэкээдэтигэр биржаҕа сыана түһэн барбыт.

Миниистир бэлиэтииринэн, маннык миэрэлэринэн ырыынагы хааччыйан баран, Саха сиригэр уматык сыанатын бигэтитиини оҥоруохтара. Өрөспүүбүлүкэ былааһа салгыы балаһыанньа уонна ньиэп бородууктатыгар сыана динамикатын кэтээн көрүөхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

14 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

14 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

14 часов ago