Салгыы
Дмитрий Паньков: «Саха сирин олохтоохторо Бэрэсидьиэн быыбарыгар түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр»

Дмитрий Паньков: «Саха сирин олохтоохторо Бэрэсидьиэн быыбарыгар түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр»

17.03.2024, 22:11
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар үс күннээх куоластааһын түмүктэннэ.

СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа дааннайынан 18:00 ч. быыбардааччы 69,03 % кыттыбыта. Онон 70 % кирбиини куоһарда.
Саха сирин олохтоохторо Бэрэсидьиэн быыбарыгар көхтөөхтүк кыттан дойду туһугар долгуйалларын уонна түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Ил Түмэн дьокутаата, норуодунай фронт Саха сиринээҕи салаатын хос бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Паньков үгүс быыбардыыр учаастакка бырааһынньыктыы настарыанньалаах кэлбиттэрин бэлиэтээтэ.
«Мин саныырбынан, 2024 с. быыбар хампаанньата Саха сиригэр үрдүк тэрээһиннээхтик уонна туох да кэһиитэ суох ааста. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар быыбар бастакы күнүттэн  быыбардааччы 50% кыттыыта бэлиэтэммитэ. Бу көрдөрүү ыччакка холобурунан буолуо – бүлүтүөҥҥэ бэлиэни туруоруу эрэ буолбакка, дойдуга уонна аан дойдуга буола турар быһыыга-майгыга сыһыаннарын көрдөрдүлэр», — диэтэ Дмитрий Паньков.
Эспиэр саныырынан, атын эрэгийиэннэргэ биһиги өстөөхтөрбүт быыбар хаамыытын ыһа сатаатылар даҕаны онтулара кыаллыбата. Уһук Илин биир да быыбардыыр учаастагар  сокуону кэһии тахсыбата, ол быыбарга үчүгэйдик бэлэмнэнии барбытын туоһутунан буолар.
Саха сирин 811 быыбардыыр учаастагар барыларыгар уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлээтилэр.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 3°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 70% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: