Саха сиригэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар үс күннээх куоластааһын түмүктэннэ.
СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа дааннайынан 18:00 ч. быыбардааччы 69,03 % кыттыбыта. Онон 70 % кирбиини куоһарда.
Саха сирин олохтоохторо Бэрэсидьиэн быыбарыгар көхтөөхтүк кыттан дойду туһугар долгуйалларын уонна түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Ил Түмэн дьокутаата, норуодунай фронт Саха сиринээҕи салаатын хос бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Паньков үгүс быыбардыыр учаастакка бырааһынньыктыы настарыанньалаах кэлбиттэрин бэлиэтээтэ.
«Мин саныырбынан, 2024 с. быыбар хампаанньата Саха сиригэр үрдүк тэрээһиннээхтик уонна туох да кэһиитэ суох ааста. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар быыбар бастакы күнүттэн быыбардааччы 50% кыттыыта бэлиэтэммитэ. Бу көрдөрүү ыччакка холобурунан буолуо – бүлүтүөҥҥэ бэлиэни туруоруу эрэ буолбакка, дойдуга уонна аан дойдуга буола турар быһыыга-майгыга сыһыаннарын көрдөрдүлэр», — диэтэ Дмитрий Паньков.
Эспиэр саныырынан, атын эрэгийиэннэргэ биһиги өстөөхтөрбүт быыбар хаамыытын ыһа сатаатылар даҕаны онтулара кыаллыбата. Уһук Илин биир да быыбардыыр учаастагар сокуону кэһии тахсыбата, ол быыбарга үчүгэйдик бэлэмнэнии барбытын туоһутунан буолар.
Саха сирин 811 быыбардыыр учаастагар барыларыгар уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлээтилэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…