Дмитрий Песков: бэрэсидьиэн дьону кытары кэпсэтиитэ туспа тэрээһин быһыытынан ыытыллыаҕа

Share

РФ бэрэсидьиэнин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков иһитиннэрбитинэн, Владимир Путин хомуурга ыҥырыллыбыт саллааттарга аналлаах кэпсэтиитэ туспа тэрээһининэн буолуоҕа. Билигин онно бэлэмнэнии бара турар.

Санатан эттэххэ, бэҕэһээ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Тверь уобалаһыгар сылдьан хомуурга ыҥырыллыбыт саллааттарга көмөлөһүүнү ураты болҕомтотугар ылбыта. Бу туһунан Арассыыйа олохтоохторун кытары туспа кэпсэтэр былааннааҕын иһитиннэрбитэ.

Дмитрий Сергеевич суруналыыстарга эппитинэн, манна аналлаах туспа тэрээһин буолуоҕа, бу туһунан кэлин эбии биллэриэхтэрэ.

РФ бэрэсидьиэнэ дьону кытары кэпсэтиитэ туспа тэрээһининэн ыытыллыаҕа. Бу туһунан биһиги өссө иһитиннэрии таһаарыахпыт, — диэн этэр бэрэсидьиэн пресс-сэкирэтээрэ.

Владимир Путин дьаһалынан анал байыаннай операция кэмигэр РФ бырабыыталыстыбатын иһинэн сүрүннүүр сэбиэт тэриллибитэ. Сэбиэти премьер-миниистир Михаил Мишустин салайар. Итини таһынан Сергей Собянин салайааччылаах Судаарыстыбаннай сэбиэт үлэлиир. Бу сэбиэт дойду эрэгийиэннэрин кытары быһаччы үлэлиирин таһынан, хомуурга ыҥырыллыбыт саллааттарга көмө-тирэх буолар сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Сэбиэт иһитиннэрбитинэн, саллааттар хамнастара (биирдии киһиэхэ кырата 195 тыһыынча солкуобай) барыта РФ оборуонатын министиэристибэтигэр түспүт. Сэбиэт билигин саллааттар туттар малларын, таҥастарын-саптарын, о.д.а. боппуруостары дьаһайыыга үлэлэһэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago