Оскуолаҕа начаалынай байыаннай бэлэмнээһини (НВП) киллэриэххэ.
Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх ыччаттары иитэн таһаарыы боппуруоһугар бастакы уочараттаах соругунан начаалынай байыаннай үөрэхтээһин бырагыраамата ылыллан, ону олоххо киллэрии буолуохтааҕын туһунан «Чурапчы улууһа» МТ улуустааҕы Сэбиэтин дьокутаата Дмитрий Попов тус санаатын үллэһиннэ.
Кини ол үлэ туох ханнык иннинэ төрөөбүт төрүт түөлбэҕэ, аймах-билэ дьоҥҥо амарах сыһыаҥҥа, тапталга, кыһамньыга, норуот сиэригэр-туомугар ытыктабыл тыыныгар уһуйууга тирэҕирэн, үүнэр көлүөнэни Ийэ дойдуну таптыырга, харыстыырга уонна көмүскүүргэ бэлэмнээһин дойду үрдүнэн күүскэ ыытыллыахтааҕын бэлиэтиир.
— Ааспыт үйэ 1950-60-70-80 сылларыгар оскуолаҕа оҕону үлэҕэ итиэннэ байыаннай дьыалаҕа үөрэтии күүскэ барара, начаалынай байыаннай бэлэмнээһин (НВП) диэн бырагыраама баара. Саҥа үйэҕэ үөрэх бырагырааматыттан ол суох буолуута уол оҕону иитиигэ мэһэйдээҕин көрдөрбүтүн, бу начаалынай байыаннай бэлэмнээһини (НВП) оскуола бырагырааматыгар төннөрөр наадалааҕын хаста да мунньахтарга кэпсэтиилэргэ көтөхпүтүм, бу боппуруоска күүскэ үлэлэһэ сылдьабын. Тус бэйэм оскуолаҕа үөрэх бырагырааматыгар начаалынай байыаннай бэлэмнээһини биир сүрүн биридимиэт быһыытынан киллэрэн биэрэр кэм кэллэ диэн бигэ санаалаахпын.
Ол иһин ааспыт ыйга, кулун тутар 28-29 күннэригэр, буолан ааспыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин дьокутааттарын II сийиэһигэр үс блогунан арахсан мунньахтааһын кэмигэр, үөрэхтээһин боппуруостарыгар аналлаах блокка ыытыллыбыт Ил Түмэн дьокутааттара Алексей Еремеев, Феодосия Габышева, Михаил Гуляев салалталаах «төгүрүк остуолга» кэпсэтиилэргэ бу туһунан тыл этэн кыттыбытым. Онно билиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар боппуруос диэн, оскуолаҕа үөрэх бырагырааматыгар начаалынай байыаннай бэлэмнээһини биир сүрүн биридимиэт быһыытынан булгуччу киллэрэри хамсатыаҕыҥ диэн туруорсубутум. Ил Түмэн дьокутаатыгар М.Д.Гуляевка суругунан кытта суруйан киллэрэн, этиим резолюцияҕа киирэрэ ситиһиллибитэ. Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнарыгар бу боппуруоска чуолкай быһаарыылар ылыллаллара эрэйиллэр.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…