Салгыы
Дмитрий Потапов: «Ырыа эмиэ дьыл кэмин курдук…»

Дмитрий Потапов: «Ырыа эмиэ дьыл кэмин курдук…»

14.01.2023, 11:30
Бөлөххө киир:

Киһи дууһатын кылын таарыйар куоластаах кырачаан Дима аан бастаан сыанаҕа тахсыыта өйбөр хатанан хаалбыт. Кини оччолорго убайа, ырыаһыт Алексей Потаповы кытта сыанаҕа тахсан «Мин барытын кыайыаҕым” диэн ыллаабыта үгүс дьон дууһатын долгуппута.

Истэ олорон харахпыт уута сүүрбүтэ…  Олох  тэтимэ түргэн, олох сүүрүгэ тохтообот. Ардыгар долгуннурар, чуумпурар, ол эрээри устар…

Бүгүн Дима Потапов диэн, номнуо бэйэтэ туспа устуудьуйалаах, ураты суоллаах-иистээх эдэр киһи иннибэр олорор.  Оччотооҕу курдук кинини арыаллаан убайа Алексей Потапов сылдьар. Икки айар куттаах дьон олох сүүрүгүн биир долгунунан усталлар, айаллар-туталлар.

 

Ырыабын илдьэ сылдьабын…

– Бэйэм туспунан кэпсиир, билиһиннэрэр буоллахха, бу күһүн М.Н. Жирков аатынан муусука кэллиэһин эстраднай-джазовай салаатын бүтэрбитим. Билигин идэ ылбыт киһи буоларым быһыытынан айар үлэбэр атын хайысханы көрдөнө сылдьабын. Ырыа киһи олорорун тухары арыаллыыр дии саныыбын. Ырыабын бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын. Таайым Алексей Потапов талаана миэхэ эмиэ тымырбынан сүүрэр диибин, кини ийэм бииргэ төрөөбүт быраата буолар. Биһиги бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Балтылаахпын. Номнуо дьиэ кэргэннээх, туспа олох­тоох киһи. Аан маҥнайгы ырыаларбын  таайым суруйан биэрбитэ. Бу ыллыыр ырыаларым тылын-өһүн, матыыбын барытын суру­йар, айар. Онон айар үлэм салаллыытыгар кини улахан оруоллаах.

Бастакы холонуум

– 2018 сыллаахха маҥнайгы ырыаларбын суруйан саҕалаабытым. Гитараҕа бастаан сатаан оонньообот этим. Онтон биир үтүө күн гитара ылан баран бастакы таптал туһунан ырыабын суруйбутум. Кыра-кыралаан суруйар, сыыйа гитараҕа оонньуур буол­бутум. Хоһооҥҥо уонна матыыпка бастакы холонууларым буолаллар. Устуудьуйабар бэйэм эрэ үлэлээбэппин. Чугас доҕотторум, мусукааннар, ырыаһыттар көмөлөһөллөр.  Оҕо эрдэхпиттэн хаҥас илиим арыый мөлтөхтүк үлэлиир. Ол да иһин буолуо, фортепьянотааҕар гитара миэхэ судургу курдук. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо, гитараҕа ким баҕарар оонньуур диэн. Ол да буоллар, төһө кыахтаахпынан фортепьяноҕа оонньуубун.

Айар бүөм сирим

– Айар куттаах таайым талаа­нын тэҥҥэ алтыһа сылдьан бэриһиннэрэбин да быһыы­лаах. Кини салайар бөлөхтөрдөөх, олортон биирдэстэрэ – кини тэрийбит «Эйгэ” диэн уопсастыбаннай айар бөлөҕө. Онно доруо­буйаларынан хааччахтаах араас дьон баар, олохторугар араас уустуктары көрсүбүт да дьон сылдьар. Оттон бэйэм устуудьу­йам туһунан этэр буол­лахха, билиҥҥитэ аата суох. Инникитин устуудьуйабытын кэҥэтэн, Саха сирин култууратын сайыннарар былааннаахпыт. Таайбынаан айар холбоһук буолан салгыы айар-тутар санаалаахпын. Былааммытын олоххо киллэрээри үлэлэһэ сылдьабыт. Кэнсиэр туһунан этэр буоллахха, былаанныыбыт эрээри, ити улахан сыраны ирдиир. Таайым урут миэхэ наар «бэйэҥ устуудьуйаланнаххына, абыраныаҥ” диирэ чахчы эбит. Билигин устуудьуйабар айарым, ыллыырым, үлэлиирим көҥүл. Доҕотторум кэлэн үлэлииллэр. Уопсайынан, айар куттаах ки­­һиэхэ туспа бэйэтин бүөм эйгэтэ уратытык дьайар эбит.

Бэйэм тула элбэх дьон тоҕуоруһарын сөбүлүүбүн

– Мин дьоҥҥо кырдьыксыт уонна аһаҕас майгыны ытык­тыыбын. Дьоҥҥо үтүө сыһыан­наах буолуу билиҥҥи олоххо саамай сүрүн үчүгэй хаачыстыба дии саныыбын. Тулабар элбэх дьон тоҕуоруһарын сөбүлүүбүн. Айар эйгэбэр чугас доҕорум диэн таайбын ааттыахпын сөп. Ону сэргэ Семен Ченянов буолар. Катя Черкашина, Сардаана Трофимова диэн эдэр ырыаһыттары кытта алтыһабын. Билиҥҥи муусука хайысхата Арассыыйаҕа, аан дойдуга да буоллун, өрүү сайда, уларыйа турар. Ыччат аныгы тэтими батыһа сатыыр. Таайым өрүү миэхэ ырыаны айарга, аранжировкалыырга болҕомтону тылга-өскө, матыыпка уурарга этээччи. Кэлин Виктор Хон диэн хоһоонньуту кытта үлэлэһэбин. Кини хоһоонноругар ырыалары суруйар буолан эрэбин. Сардаана Трофимоваҕа «Эн эрэ” диэн ырыаны, ону таһынан, гитара туһунан ырыаны биир оҕоҕо суруйан биэрбитим.

Ырыа эмиэ дьыл кэмин курдук…

– Саха эстрадатыттан киэн тутта астынар киһим Геннадий Семенов-Урааҥхай этэ, ырыаларын кыра эрдэхпиттэн сөбүлүүрүм. Геннадий, таайым буоламмыт үгүстүк гостуруолларга сылдьар этибит. Геннадий ырыалара сэниэ биэрэр этилэрэ. Оттон билиҥҥи эстрада туһунан этэр буоллахха, чуо бу кини эрэ диэн сатаан эппэппин. Ырыаны настарыанньабынан көрөн истэбин, ылынабын. Ырыа эмиэ дьыл кэмин курдук… Киһи ылынар, ылыммат кэмнэрдээх.

Таптал – олоҕу сүрүннүүр күүс

– «Почти как все” диэн уус-­уран киинэ тахсаары турар. Режиссер Илларион Яковлев. Арааһа, улахан кистэлэҥи арый­дым быһыылаах. Сахалыы киинэ, социальнай дыраама. Киинэ хаһан тахсарын чопчу этэр кыаҕым суох. Ити киинэни көрөн саха дьоно бэйэлэригэр тугу эрэ иҥэриниэхтэрэ диэн эрэллээхпин. Мин бу киинэҕэ сэмэй кылааппын киллэрсибит буоламмын, хаһан тахсарын күүтэбин. Киинэҕэ ырыам саундтрек буолан тахсыахтаах. Үүммүт саҥа сылга былааным элбэх. Ааҕааччыларга баҕа санааҕыт туоларыгар баҕарабын. Бу олох барыта тапталтан турар дии саныыбын. Таптал баар олоҕу сүрүннүүр сүрүн күүс. Айар үлэҕэ, чугас дьоҥҥор. Төрөөбүт дойдуга таптал туохха да тэҥ­нэспэт. Айар үлэҕэ кынаттыыр таптал истиҥ иэйиитэ…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: