Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Share

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников көрдө-иһиттэ.

Билиҥҥи туругунан тутуу 84% бэлэм. Онуоха тутуу сыл бүтүүтүгэр киллэриэхтээх диэн сорук турар. Садовников «СТК» бэдэрээтчит үлэһиттэрин ахсаанын элбэтэрин ирдээтэ. Билигин ирдэнэр 80 киһи оннугар 60-ча киһи үлэлиир.

«Тутуу тэтимигэр боппуруостар үөскүүллэр. Быйыл үлэҕэ киириэхтээҕин үлэһит ахсаана аҕыйаҕа уонна үлэни тэрийии уота-күөһэ суоҕа түөрэҥнэтэр. Онон үлэһиттэри элбэтэргэ уонна тупсарыы үлэтин тэтимирдэргэ суһал дьаһаллары ылар наада«, — диир Дмитрий Садовников.

«Култуура» национальнай бырайыагынан Аллараа Бэстээххэ тутулла турар култуура киинэ өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан эбийиэгинэн буолуохтаах. Уопсайа 3,2 тыһ.кв. м иэннээх дьиэҕэ 300 миэстэлээх саала, киинэ саалата, хоеография кылаастара, түмэл, уо.д.а. киириэхтээхтэр.

«Култуура» национальнай бырайыак 2019 сылтан саҕаламмыта. Бу кэм устатыгар Саха сиригэр 7 култуура дьиэтэ: Горнайга Дьиикимдэҕэ, Уус Алдаҥҥа Сыырдаахха, Бүлүүгэ Тааһаҕарга уонна Тыымпыга, Намҥа Аппааныга, Сунтаарга Кэмпэндээйигэ, Чурапчыга Толооҥҥо киирбиттэрэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ култуура киинэ тутулларын сэргэ, Сунтаарга Кириэстээххэ култуура дьиэтэ тутулла турар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

34 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

2 часа ago