Дмитрий Садовников Дьокуускай куорат социальнай эбийиэктэрин тутууну көрдө

Share

Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьокуускайга сабыылаах, искусственнай муустаах  хаҥкылыыр сири уонна Саха политехническэй лиссиэй эбии дьиэтин тутууну көрдө. Бу эбийиэктэр бу сыл бүтүүтэ киириэхтээхтэр.

Сабыылаах катогу тутуу 86,5 %, Саха политехническэй лиссиэй эбии дьиэтин тутуу — 80 %. Эбийиэктэргэ 200 тахса тутааччы үлэлиир.

“Звезднай” түөлбэҕэ сабыылаах каток аныгы хоккейдыыр куортаах, керлиҥҥэ аналлаах дьиэлээх, скалодромнаах, эрчиллэр саалалаах уонна чэбдигирдэр процедуралары ыытар хостоох буолуохтаах. Катогу маассабайдык хатааһылааһыҥҥа уонна эрчииллиилэргэ туһаныахха сөп. Эбийиэк “Спорт – норма жизни” федеральнай бырагырааманан “Демография” нацбырайыак чэрчитинэн тутуллар. Ону дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээбитэ.

“Тутааччылар сүрүннээн кыраапыктан хаалсыбат туһугар  кыһаналлар, ол эрээри өссө ситэрэр-хоторор элбэх. Тутааччылар соругу толоруохтара диэн эрэнэбин”, — диэтэ Дмитрий Садовников.

Саха политехническэй лиссиэй эбии дьиэтин иэнэ 5,5 тыһ. кв. м. Манна 326 миэстэлээх үөрэнэр 30 кэбиниэт баар буолуоҕа. “Барыта кэмигэр оҥоһуллуо диэн ирдиибит. Тутааччы “Главстрой” хампаанньа бу эйгэҕэ үлэлээбитэ ыраатта, ол иһин эбийиэги болдьоҕор киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбин”, — диэтэ Саха сирин бастакы вице-премьерэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сорох гирляндалар араак искэнигэр тиэрдэллэр

Чыпчылыйар араас өҥнөөх гирляндалар араак уонна диабет ыарыыларыгар тиэрдиэхтэрин сөп, ону тэҥэ киһи сүрэҕэ ыалдьар…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүлүүттэн – Запорожьеҕа-2

Сырыыбыт бастакы күнүн былаанын быһыытынан бүтэһик “туочукаҕа” тиийдибит. Дэлэгээссийэ илдьибит матасыыкылын “Орлан” диэн позывнойдаах байыаска…

41 минута ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү лигаҕа мас тардыһыыга Федерация Куубага мэҥэ хаҥаластарга туттарылынна

Мэҥэ Хаҥалас улууһа мас тардыһыыга үһүс төгүлүн Федерация Куубагар кыайыылаах таҕыста. Быйыл улуустарынан хамаанданан күрэхтэһии…

55 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Усуйаана Туматыгар Моруос оҕонньор буранынан айаннаан кэллэ

Уһук Хоту сиргэ, Муустаах муора кытылыгар, Тумат нэһилиэгэр сүрүн харыйа уота сандаарда. Бу туһунан олохтоох…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Авитоҕа» Саха сириттэн хаары атыылыыр туһунан биллэрии таҕыста

Арассыыйатааҕы «Авито» сирэбискэ «Саха сириттэн саамай ыраас хаары атыылыыбын» диэн биллэрии таҕыста. Дьикти табаары атыылааччы,…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Учуонайдар тириини эмтиир саҥа ньыманы булбуттар

Карбонат кальций гормональнай препараттарын уонна микроскопическай чаастарыгар олоҕуран тирии ыарыытын эмтиир саҥа тиһиги Н.Г. Чернышевскай…

2 часа ago