Сарсыардааҥы мунньахха ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туоратар хамыыһыйа бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга хоромньуну ааҕыыны түргэтэтэргэ сорудахтаата.
Бүгүҥҥү күҥҥэ халаан уута Өлүөхүмэ улууһун кэккэ нэһилиэктэриттэн барда. Үрдүк уу таһыма 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгэр бэлиэтэнэр. Лена өрүс Кыыллаах арыытын аттытыгар турар учаастакка муус харыытыттан уу таһыма түспэт. Бэҕэһээ онно туһааннаах дэлби тэптэриилэр ыытылыбыттарын үрдүнэн, үчүгэй түмүгү таһаарбатах.
«Дэлби тэптэрии үлэлэрэ мэлдьи көмөлөһөллөр диэн саныыр сатаммат. Билигин биһиги ааспыт сылларга, ол иһигэр билим өттүнэн көрдөрүүлэри тэҥнээн, ырытан көрөбүт. Итини таһынан гидрологтар сылыктааһыннарынан, бу икки оройуоннарынан уу таһыма сотору кэминэн намтыаҕа. Нэһилиэнньэлээх пууннар халаан уутуттан босхолонуохтара диэн эрэнэбит. Маны сэргэ, биллэн турар, халаан уутун содулун туоратыыга салгыы дьаһаллары ылыныахпыт», – диэн Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.
Бырабыыталыстыба бастакы солбуйааччыта энергиэтиктэргэ трансформаторнай подстанциялар халаан уутугар былдьаммыттарынан, Өлүөхүмэ улууһугар резервнэй генератордары тиэрдиини түргэнник олоххо киллэрэргэ сорудахтаата. Биллэн турар, улахан кыамталаах генератордары суол-иис суоҕуттан, габариттара улаханыттан салгын суудуналарыгар тиэйэр кыаллыбат. Ол иһин миэстэтигэр кыра кыамталаах генератордары тиэрдии ньымата көрүллэр.
Ньурба улууһугар Бүлүү өрүскэ дэлби тэптэрии эмиэ улахан көдьүүһү көрдөрбөтөх. Онон Сата арыытын таһыгар харыы тахсан, Дьаархаан сэлиэнньэтигэр Марха өрүскэ халаан уутун таһыма үрдүк. Билигин улуус уонна нэһилиэк дьаһалталарын көмөлөрүнэн халаан уутун тохтотор тутуу үлэлэрэ ыытыллар.
Манна даҕатан эттэххэ, уу таһыма Зырянка бөһүөлэгэр намтыыр. Ууга сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһата сытар. Авиарейстар «Полярные авиалинии» АХ нөҥүө Орто Халыманан оҥоһуллаллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Судаарыстыбаннай Дуумаҕа сэтинньи ыйтан дойду үрдүнэн ханнык саҥа сокуоннар күүһүгэр киирэллэрин санаттылар. Саҥа сокуоннар сэтинньи…
Сэтинньигэ номнуо үктэннибит. Тоһуттар тымныыбыт иһэрин кыралаан биллэрэн эрэр. Кыһыҥҥы кэм барыта 146 хонуктаах диэн…
Бүгүн, сэтинньи 1 күнүгэр, киэһэ 19:00 чаастан «Пятница!» ханаалга «Царица» вокальнай шоуга Саха сириттэн Айыллаана…
Бүгүн, сэтинньи 1 күнүгэр, күнүс 13 ч.05 чаастан «Тэтим» НКИХ FM 107,1 долгунугар «Былааһы кытта…
Сэтинньи 1 күнүттэн Эргиэн-бырамыысыланнай балаататын хаапыдыратын доцена, эспиэр Людмила Иванова-Швец этэринэн, сорох аҕам саастаахтарга биэнсийэ…
Саха сиригэр суукка иһигэр 6 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын ТГ-ханаала иһитиннэрэр.…