Дмитрий Садовников өрүс уҥуоргу улуустарынан үлэлиир

Share

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников өрүс уҥуоргу улуустарынан үлэлиир.

Бастакы вице-премьер Ытык Күөлгэ үс улахан социальнай эбийиэктэри тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. 450 миэстэлээх оскуола быйыл үөрэнээччилэргэ аанын аһыаҕа. Ону сэргэ бу сыл бүтүүтэ тыа сиригэр 1000 миэстэлээх стадиоҥҥа футбольнай хонуу уонна сүүрэр суол  үлэҕэ киириэхтээх. Итини таһынан тыа сиригэр элбэх өҥөнү оҥорор чэбдигирдэр-успуорт комплекса тутуллар. Бу эбийиэк тутуутун болдьоҕо2025 сыл ортото.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

«Уопсайынан эбийиэктэринэн «Монтажник» ПК бэдэрээттэһэр тэрилтэтэ былааннамыт кыраапыгынан үчүгэй тэтиминэн үлэлиир. Үгүс тутууларынан бэлиэтэнэрин курдук,  кыра кыһалҕалаах боппуруостар бааллар эрээри, сотору кэминэн быһаарыллыахтара дии саныыбын. Саҥа аныгы эбийиэктэри былааннаммыт болдьохторун кэмигэр үлэҕэ киллэриэхпит», – диэтэ Дмитрий Садовников.

Ол кэннэ Дмитрий Садовников оробуочай хамыыһыйата Аммаҕа тахсан үлэлээтэ. Оттук сезонугар ОДьКХ ГУП 12,5 МВт кыамталаах «Стадион» хочуолунайы үлэҕэ киирэрин хааччыйыахтаах. Эбийиэк 190-тэн тахса чааһынай олорор дьиэни ититиитэн хааччыйыахтаах, ону сэргэ социальнай эйгэ эбийиэктэрэ, «Молодежнай» кыбаартал кэтэх дьиэлэрэ ититии ситимигэр холбоноллоругар анаан күүскэ үлэлиир. Билиҥҥи кэмҥэ 2,25 км уһуннаах ититэр ситимэ тардылынна. Үлэ бастакы түһүмэҕин тутуу чэрчитинэн, саҥа кыбаартал 40-тан тахса кэтэх дьиэлэрэ быйыл сылааһы хааччыйар ситимҥэ холбонуоҕа. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

27 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

52 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago