Дмитрий Садовников халаан боппуруоһунан мунньахтаата
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников сааскы халаан балаһыанньатынан киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕы ыытта.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Горнай улууһугар Өрт, Бэс Күөлэ уонна Маҕарас нэһилиэктэрэ ууга баран, улууска ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрдилэр. Улуус киинигэр Матта хаатыттан тахсар кутталлаах. Гидрометсулууспа бэлиэтииринэн, чугастааҕы сууккаҕа аччыгый үрэхтэргэ уу таһыма үрдүөн сөп. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата олохтоох былаас уорганнарын кытта балаһыанньаны хонтуруолга ыллылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Бэдьимэҕэ Тиэрэ үрэх мууһа ууллан, халааннаата. Манна 20 дьиэ ууга барда. Таатта уонна Чурапчы улуустарыгар балаһыанньа кэминэн.
Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Дмитрий Садовников олохтоох дьаһалталар икки боппуруоска болҕомтолорун туһаайалларыгар эттэ. Бастакынан, тахса турар балаһыанньаны кэмигэр уонна олохтоох былаас судаарыстыбаннай уорганнары кытта бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр туох миэрэ ылылла турарын иһитиннэрэ-биллэрэ олороллоругар. Иккиһинэн, даамбаларга уонна гидротехническай тутууларга ураты болҕомтону уурарга.
«Биһиги уһун кыһыны быһа бу тыҥааһыннаах кэмҥэ бэлэмнэммиппит, араас үөрэҕи ааспыппыт, бэрэбиэркэ арааһын ыыппыппыт. Онон үлэбит түмүгүн көрдөрөр кэммит үүннэ. Кылаабынайа, дьоҥҥо-сэргэҕэ куттал суоһаамыан наада«, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Дмитрий Садовников.
Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: