Дмитрий Садовников Ленскэй оройуонугар сааскы халааҥҥа бэлэмнэниини бэрэбиэркэлээтэ
Саха сиригэр Ленскэй оройуона муус барыытын бастакынан көрсөр. Сааскы халаан онно ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр күүтүллэр. Ол куттала суох ааһарыгар туох бэлэмнэнии үлэлэр ыытыллалларын бу күннэргэ СӨ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников бэрэбиэркэлээтэ.
Дмитрий Садовников суһал сулууспалар төһө бэлэмнээхтэрин көрдө, ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна баһаартан куттал суох буолуутугар хааччыйыыга мунньаҕар кыттыыны ылла.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы халааҥҥа бэлэмнэнии үлэтигэр соруктары туруорда. Бастатан, дьоҥҥо-сэргэҕэ суһаллык биллэрии ситимин хааччыйарга, ас-үөл саппааһын, эми-тому, онтон да атын наадалааҕы ааҕынарга, көрүнэргэ уонна быстах кэмҥэ уу таһымын кэтээн көрөр постары тэрийэргэ соруйда.
«Ленскэй оройуона бастакынан муус барыытын уонна сааскы халааны көрсөр. Өлүөнэ өрүс аһыллыыта манна ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр күүтүллэр. Бэлэмнэнии үлэтэ баран иһэр. Иһитиннэрии ситимигэр ыйытыы баар, ону көннөрүөхтэрин наада. Ону таһынан, хайаан да ас-үөл уонна да атын наадалаах малларын-салларын көрүнүөхтэрин наада. Бэлэмнэнэргэ кылгас кэм хаалла. Туох итэҕэс-быһаҕас баарын чугастааҕы кэмнэргэ туораталларыгар соруйдум«, — диэн этэр Дмитрий Садовников.
Оройуон сиригэр-уотугар Өлүөнэ эбэ устата 340 км. Оройуоҥҥа харыыны үөскэтэр кутталлаах үс учаастак баар. Түөрт нэһилиэнньэлэх пууҥҥа: Витимҥэ, Пеледуйга, Орто Наахараҕа уонна Ленскэйгэ ууга барыан сөптөөх намыһах сирдэрдээх.
Ленскэй оройуонугар уу таһымын кэтээн көрөр биэс бастайааннай пост баар. Ону таһынан быстах кэмнээх постар тэриллэллэр.
Быһыы-майгы уустугурар кэмигэр 2680 миэстэҕэ дьону олордорго 23 быстах кэмнээх пуун арылларга бэлэм. Ону таһынан, оройуон дьаһалтатыгар 30 киһи олороругар быстах кэмнээх пуун тэриллибит.
Наадалаах сэрэтэр уонна аварийнай-быыһыыр, о.д.а. уталытыллыбат суһал үлэни ыытарга РСЧС Ленскэйдээҕи звенота бөлөх тэрийбит.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: