Дмитрий Садовников Майаҕа «Кыайыы аартыга» монумены чөлүгэр түһэрии үлэтин көрдө
Бу күннэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Майаҕа Ытык сир — «Кыайыы аартыга» монумены чөлүгэр түһэрии үлэтин хаамыытын билистэ.
— Кыайыыбыт монуменыгар «Таптал көлүччэтэ» икки түһүмэхтээх улахан үлэ ыытыллар. Быйылгы дьылга сүрүн үлэтэ бүтүөхтээх. Маны таһынан, Дмитрий Садовников «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан 33 сытар миэстэлээх балыыһа комплексын тутуутун, Аллараа Бэстээхтэн Майаҕа кэлиигэ «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» национальнай бырайыагынан оҥоһуллар «Амма» өрөспүүбүлүкэтээҕи суол 6 км 600 миэтэрэ уһуннаах кэрчигин аспааллааһыны көрдө. «Мүрү» өрөспүүбүлүкэтээҕи суолга Майаттан Ураһалаах алааска диэри 3 км, Догдоҥо нэһилиэгэр 700 миэтэрэ уһуннаах суол оҥоһуута саҕаланыаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар, былаан быһыытынан эһиилги дьылга бу үлэлэр бүтүөхтэрэ, — диэн Мэҥэ Хаҥаластан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов. бэйэтин телеграм-ханаалыгар бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: