Салгыы
Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥаласка нацбырайыактарынан тутуллар эбийиэктэри көрдө

Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥаласка нацбырайыактарынан тутуллар эбийиэктэри көрдө

15.08.2024, 19:30
Хаартыска Мэҥэ Хаҥалас улууһун пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин ытык сиригэр – «Кыайыы Аартыга» монумены чөлүгэр түһэрии үлэтин хаамыытын билистэ.

Кыайыыбыт монуменыгар, «Таптал көлүччэтэ» икки түһүмэхтээх улахан үлэ ыытыллар диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Быйыл сүрүн үлэтэ бүтүөхтээх.

Дмитрий Садовников ону таһынан «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан 33 киһи сытар миэстэлээх балыыһа комплексын тутуутун, «Амма» өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолун 6 км 600 миэтэрэ уһуннаах кэрчигин аспааллааһыны көрдө. «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» национальнай бырайыагынан Аллараа Бэстээх – Майа хайысхатынан оҥоһулла сылдьар суолу бэрэбиэркэлээтэ.

«Мүрү» өрөспүүбүлүкэтээҕи суолга Майаттан Ураһалаах алааска диэри 3 км, Догдоҥо нэһилиэгэр 700 миэтэрэ уһуннаах суол оҥоһуута саҕаланыа. Бүгүҥҥү күҥҥэ бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар, былаан быһыытынан эһиилги дьылга бу үлэлэр бүтүөхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: